Хаартыска: Мария Горохова, ЯСИА
Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Петр Константинович Яковлев 100 сааһын туолуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтилэр. Бу бэлиэ күнүнэн үбүлүөйдээххэ «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэтэ туттарылынна .
Петр Константинович Яковлев 1925 сыллаахха от ыйын 12 күнүгэр Сунтаар улууһугар төрөөбүт. 1944 сыл бэс ыйыгар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, 61-с тааҥкалаах дивизия 61-с мотострелковай полкатыгар минометчигынан сулууспалаабыт.
Бэтэрээн Маньчжурияны дьоппуон импэрийэлиистэриттэн босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кэргэнинээн, Ирина Николаевналыын, түөрт оҕоломмуттар. Петр Константинович улахан дьиэ кэргэнигэр тапталлаах эһээ, хос эһээ аатын чиэстээхтик сүгэр.
«Мин – кини улахан кыыһын уолабын. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр үбүлүөйдээх үс хос сиэнэ улаатар, уонна мин эһэм миэхэ иҥэрбит сыаннастарын – билиигэ-көрүүгэ, аан дойдуну билэргэ дьулууру – кинилэргэ тиэрдэ сатыыбын. Биһиги дьиэ кэргэммит олус улахан. Эһэбит түөрт оҕолоох, сэттэ сиэннээх уонна уонтан тахса хос сиэннээх. Бүгүн манна киниэхэ саамай күндү дьоно: амарах чугас дьоно, оҕо сааһын доҕотторо, уһун үлэ суолун бииргэ ааспыт, үөрүүтүн-хомолтотун үллэстибит кэллиэгэлэрэ муһуннулар», — диэн бэтэрээн сиэнэ Петр Чаарын кэпсээтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников үбүлүөйдээххэ «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэни туттарда. Бу бэлиэ 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах төлөбүрдээх.
«Эһиги хорсун быһыыгыт уонна бэйэни харыстаммат үлэҕит түмүгэр, биһиги, бүгүҥҥү Арассыыйа көлүөнэтэ, эйэлээх олоҕу олоробут уонна дойдубут кэскилин түстүүбүт. Эһиги муударай сүбэҕит-амаҕыт уонна холобургут биһигини саҥа ситиһиилэргэ кынаттыыр. Эһиэхэ дириҥ махталбын тиэрдэбин. Чэгиэн, доруобай буолуҥ, чугас дьоҥҥут тапталларыгар, болҕомтолоругар угуттанан уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ. Олоххут дьолунан-соргунан толору буоллун. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэ уһун үйэлээхтэрин үтүөлэрин билинэн, уһун үйэлээх буолууну өйүүр, үгэстэри уонна сиэр-майгы сыаннастарын харыстыыр сыалтан кинилэри наҕараадалыыр туһунан ыйаахха илии баттаабыта», — диэн Дмитрий Садовников эттэ.
«Бүгүн биһиги дойдуну сөргүтүүгэ киллэрбит кылаата сүҥкэн, сэрии уһулуччулаах бэтэрээнэ, үтүөлээх педагог Петр Константиновичка дириҥ ытыктабылбытын биллэрэбит. Бүгүн — ытыктыыр бэтэрээннэрбитин кытта көрсөр кыах бэриллибит бэлиэ күн. Бу — тыыннаах устуоруйаны кытта алтыһар, ааспыт кэм алдьархайдаах түгэннэрин туһунан туоһулар кэпсээннэрин истэр ураты кыах. Биһиги сорукпут – билиини иҥэринэн, устуоруйа кырдьыгын харыстыыр туһуттан кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдии буолар», — диэн Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова бэлиэтээтэ.
Алтынньы ыйга Саха сиригэр өссө 20 км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суолталаах суол өрөмүөнэ түмүктэннэ. Бу туһунан…
Үлэ ырыынагар үлэһит илии тиийбэтэ уонна импорты солбуйар оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыыта кэнники сылларга хамнас…
Таатта улууһун борокуратууратын быһаарбытынан, Алдан нэһилиэгин баһылыга дуоһунаһын туһанан, урбаанньыт быраатын кытта 453 тыһ. солк.…
Реабилитацияланарга тэхиниичэскэй сириэстибэлэри прокаттыыр пууннар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка аһылыннылар, диэн СӨ Үлэҕэ…
Бүгүн Хаҥалас улууһугар бэлиэ тэрээһин – Тыгын Дархан пааматынньыгын уонна кини сыдьааннарыгар анаммыт мемориальнай комплексы…
«Кыайыыга бииргэ!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа байыаннай сулууспалаахтары эбии хааччыйыыга былааннаах үлэтин салгыыр. Кэлэр нэдиэлэҕэ байыаннай дьайыы…