Киин куорат Октябрьскай уокуругуттан Беляевтар дьиэ кэргэттэрэ «Аҕа күрэҕэ» куораттааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарынан буоллулар.
Беляевтар дьиэ кэргэттэрин аҕалара Владислав Иванович өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт оскуолатын физическэй култуураҕа бэлэмниир тириэньэрэ, уола Бувойсар Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
Иккис миэстэни киин уокуруктан күрэхтэһии кыттыылаахтара Лебедевтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Аҕалара Александр Иванович — урбаанньыт, уоллара Алтан — Алексеева аатынан ааптарскай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
Үһүс миэстэни Хатастан Окороковтар дьиэ кэргэттэрэ Михаил Спартакович уонна Айуол ыллылар.
Дьокуускай куорат чиэһин үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ» күрэхтэһиигэ 1 уонна 2 миэстэлээх хамаандалар көмүскүөхтэрэ.
Күрэхтэһии хас да түһүмэхтээх ыытылынна: дьиэ кэргэн устуоруйатын кэпсээһин, бэрэбинэлэри эрбээһин, ойбон алларыыта, остуолбаҕа ыттыы, чэй өрүү уонна хайыһарынан сүүрүү.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…