Дьокуускайга “Аҕабытын кытары бииргэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытыллыаҕа
Саха сирин аҕаларын уонна оҕолорун атырдьах ыйын 23-25 күннэригэр Дьокуускайга “Виктория” сайыҥҥы лааҕыр базатыгар ыытыллар “Аҕабытын кытары бииргэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи II күрэхтэһиигэ кыттарга ыҥыраллар.
Күрэхтэһиигэ аҕа 11-14 саастаах оҕолорун кытары кыттар.
Күрэхтэһии алта түһүмэҕинэн буолар:
- «Бэйэни билиһиннэрии»;
2. «Сэлэлээн туруу. Спортивнай ориентирование – лабиринт»;
3. «Бастыҥ бивуакка куонкурус»;
4. «Туристическай балаһа»;
5. «Спортивнай ориентирование – Кросс-талыы»;
6. «Интеллектуальнай».
Кыттааччылар сайаапкаларын атырдьах ыйын 19 күнүгэр диэри videopobeda@mail.ru электроннай аадырыска ыыталлар.
Кыайыылаахтар харчынан бирииһинэн бэлиэтэниэхтэрэ:
1 миэстэҕэ – 100 000 солкуобай;
2 миэстэҕэ – 80 000 солкуобай;
3 миэстэҕэ – 60 000 солкуобай.
Күрэхтэһии Арассыыйаҕа Аҕа күнүгэр уонна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар ананар.
Сүрүн тэрийээччи – СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, тэрийсээччилэр – “Аҕалар лигалара” уопсастыбаннай тэрилтэ, Арассыыйа спортивнай ориентированиеҕа федерациятын Саха сиринээҕи отделениета.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: