Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка “Айар уустар” диэн креативнай индустрия бэрт сэргэх, ураты бастакы чөмпүйэнээтэ ыытылла турар. Бүгүн тэрээһин хайдах туох баран иһэрин билсээри “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар баран кэллим.
Киирээти кытта быыстапка, икки мэндиэмэнинэн маастар-кылаастар тэриллибиттэр, оннооҕор «ыллаан иһитиннэрдэххинэ, хаартыскаҕа түстэххинэ тута тупсаран бэйэҕэр биэрэбит» дэһэллэр. Саала икки өттүгэр чөмпүйэнээт кыттыылаахтара үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
— Дойду бэрэсидьиэнэ креативнай индустрияҕа каадырдары бэлэмнииргэ сорудах туруорбута. Онно олоҕуран федеральнай куонкуруһу ыыппыттара. Сэттэ эрэгийиэн талыллан, креативнай индустрияҕа каадырдары бэлэмниир буолбуттара. Бу сэттэ эрэгийиэн кэккэтигэр Саха сирэ эмиэ киирбитэ, хас даҕаны үөрэх кыһата бэлэмниир, — диэн Идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэри сайыннарар институт дириэктэрин солбуйааччы Любовь Афанасьева кэпсиир.
Дириэктэри солбуйааччы иһитиннэрэринэн, быйылгы чөмпүйэнээккэ Ханты-Мансийскай автономнай уокурук Сэбиэскэй политиэхиньиичэскэй кэллиэһин устудьуоннара кытта сылдьаллар. Күрэхтэһии АйТи уонна дизайн хайысхатыгар 3D моделирование, мобильнай сыһыарыы уонна оонньуу моделированиета, графическай дизайн, web технологиялар, ювелир, муодунай таҥас технологията, таҥас дизайна, хаартыска курдук компетенцияларга ыытыллар. Чөмпүйэнээт Саха сиригэр буоларынан сибээстээн, тиэмэтэ ирбэт тоҥҥо сыһыаннаах.
“Кыттааччылары бэлэмнии таарыйа Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар, Хаҥалас тумулугар сырытыннарбыппыт. Иэйиилэрэ уһуктан, үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Түмүк өрөбүлгэ биллиэҕэ”, — диэн Любовь Афанасьева этэр.
Ханты-Мансийскайдааҕы Сэбиэскэй политиэхэньиичэскэй кэллиэс графическай дизайн исписээлинэһин 4-с кууруһун устудьуона Вадим Булаев:
— Саха сиригэр аан маҥнайгыбын кэллим. Олус кыраһыабай эбит. Тус бэйэм хайалаах сири сөбүлүүрүм быһыытынан, мырааны биһирии көрдүм. Табаҕа тумулугар сырытыннардылар, алгыс ыллыбыт, олохтоох чэйи амсаттылар.
Чөмпүйэнээт этэҥҥэ баран иһэр. Бу иннинэ “Профессионаллар” уонна Ворлд Скилл күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым, эрэгийиэннээҕи түһүмэххэ бастаабытым, финалга 5-6-с миэстэлэммитим. “Айар уустар” креативнай чөмпүйэнээккэ “көмпүүтэр оонньууларыгар 3D моделирование” компетенцияҕа кытта сылдьабын, — диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.
Чөмпүйэнээт иитинэн айар идэҕэ уһуйар үөрэх тэрилтэлэрэ быыстапка туруорбуттар, маастар-кылаастары, СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин исписэлиистэрэ идэҕэ туһаайар тэрээһиннэри ыыталлар. Оскуола үөрэнээччилэрэ идэлэрин сөпкө талалларыгар, устудьуон аатын сүкпүт эдэр дьон саҥа өйүктэри сомсоллоругар бэрт тэрээһин буола турар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…