Салгыы
Дьокуускайга Айвазовскай быыстапката туруоҕа

Дьокуускайга Айвазовскай быыстапката туруоҕа

22.05.2024, 17:00
Хаартыска: k-artina.ru
Бөлөххө киир:

Бэс ыйыгар Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ худуоһунньук Иван Айвазовскай уонна да атын маринист-худуоһунньуктар быыстапкаларын көрдөрүүгэ туруоруоҕа. Быыстапка Судаарыстыбаннай Нуучча түмэлин пуондатыттан кэлэн, бэс ыйын 2 күнүттэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри туруоҕа диэн «Аргументы и факты» суруйар.

Хаартыска: "Комсомольская правда"

Биһиги быйыл сайыҥҥы биир улахан бырайыакпытынан нуучча улуу худуоһунньуга Иван Айвазовскай быыстапкатын Дьокуускайга туруоруу буолар. Быыстапкаҕа барыта 30 хартыына — Айвазовскай 19 хартыыната уонна XIX үйэ маринистарын (муораны уруһуйдуур худуоһунньуктар) 11 хартыыналара көрдөрүүгэ туруохтара. Бу 29 хартыына Судаарыстыбаннай Нуучча түмэлин пуондатыттан аҕалыллар, — диэн түмэл генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Юлия Кравцова кэпсээтэ.

Бу быыстапканы аҕалар туһунан кэпсэтии эрдэттэн барбыта. Ил Дархан Айсен Николаев олунньуга Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофееваны кытта көрсөрүгэр Айвазовскай быыстапкатын аҕалыы, тиэйии ымпыктарын, улахан бырайыактар тустарынан кэпсэппиттэрэ.

Биһиги маннык улахан хартыыналары аан бастаан аҕалабыт. Маннык хартыыналары сөмөлүөтүнэн аҕалыллыбат, сиринэн өр соҕус айаннаан кэлэллэр. Маннык бырайыакка элбэх киһи үлэлиир, тиэйиитэ-таһыыта, харайыыта сыраны, сэрэхтээх буолууну эрэйэр, — диэн Влада Тимофеева этэр.

Быыстапка Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар. Бырайыак чэрчитинэн, интэриэһинэй тиэмэлээх экскурсиялар, маастар-кылаастар буолуохтара.

СӨ бырабыыталыстыбатын былааннаах үлэтинэн, 2023 сыллаахха Дьокуускайга нуучча улуу худуоһунньуга Иван Шишкин быыстапката уонна Эрмитаж күннэрэ буолбуттара. Бу киин куораттарга бара сатаабакка, ускуустуба улуу диэйэтэллэрин үлэлэрин көрөр кыаҕы биэрэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: