Алтынньы 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар киин куорат култууратын олоҕор кэрэ-бэлиэ күн ааста. Бу күн Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева «Алексей Томтосов» кинигэтэ сүрэхтэннэ.
Кинигэ «Жизнь замечательных людей» «Жизнь продолжается» сериянан «Эдэр гвардия» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит. Киирии тылы Алексей Томтосов чугас доҕоро, Сэбиэскэй сойуус уонна Арассыыйа Федерациятын дьоруойа Артур Чилингаров суруйбут.
Наталья Ивановна тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону Хомсомуол күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна 1970-с сыллардааҕы хомсомуол лиидэрэ Алексей Томтосов туһунан кинигэ сүрэхтэниитигэр кытта кэлбиттэригэр махтанна. Ураты махталын кинигэ тахсарыгар көмөлөспүт Алексей Томтосов биир идэлээхтэригэр, ону сэргэ үбүнэн көмөлөспүт Константин Ильковскайга уонна Владимир Гончаровка тириэртэ.
«…Кинигэ чэпчэкитик сурулунна. Тоҕо диэтэххэ, Алексей Александрович олоҕун устуоруйатын киһи эрэ истэ олоруох курдук умсугутуулаахтык кэпсиир дьоҕурдаах, кинилиин үлэлиир олус интэриэһинэй этэ. Саха сирин уонна Арассыыйа саҥа устуоруйатын, оччотооҕу түгэннэри кэпсиир кинигэҕэ Алексей Томтосов ураты санааларын билсиэххит. Кини олус элбэх баай архыыбыттан кинигэҕэ барыта кыайан киирбэтэ. Миигин кини литература, биһиги классиктарбыт, саҥа көлүөнэ талааннаах дьонун туһунан толкуйдара олус интэриэһиргэппитэ. Кинигэни учууталларбар, настаабынньыктарбар ытык иэспин толорон, дириҥ ытыктабылбынан уонна махталбынан суруйдум» – диэн быйыл бэс ыйыгар Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэҕэ кинигэ сүрэхтэниитигэр Алексей Томтосовы эҕэрдэлээбиттэрин туһунан кэпсээтэ.
Бу күн эҕэрдэ тылы кинигэ дьоруойун кытары үлэлээбит судааарыстыбаннай диэйэтэл Руслан Шипков, СӨ култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева, СӨ бэрэсидьиэнин сүбэһитэ Андрей Борисов, СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, уопсастыбаннай диэйэтэл Евгения Михайлова, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, бэлиитик, эрэллээх доҕор Алексей Томтосовтыын алтыспыт, үлэлээбит кэмнэрин ахтан-санаан аастылар, ааптарга махтал тылларын эттилэр.
Кыттааччылар Наталья Харлампьева кинигэтэ биографическай очерк эрэ буолбакка, Алексей Томтосовы киһи быһыытынан уонна кини бэлиитикэҕэ хаалларбыт суолун дириҥник ырыппытын бэлиэтээтилэр. Сүрэхтэниигэ кэлбит дьон ону сэргэ Национальнай бибилэтиэкэ Алексей Томтосовка анаан оҥорбут кинигэ быыстапкатын сэҥээрэн көрдүлэр.
БЫҺААРЫЫ
Алексей Томтосов -– уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, бэлиитик, аныгы Саха сирин уонна Арассыыйа устуоруйатыгар бэйэтин аатын киллэрбитэ. Кини араас сылларга үрдүк дуоһунастарга үлэлээбитэ: Дьокуускай куорат мэрэ (1993-1995), өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы (1995-1996), РФ омуктар дьыалаларыгар уонна федеративнай сыһыаннаһыыларга миниистири солбуйааччы (1996-2002).
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…