Салгыы
Дьокуускайга «АЛРОСА – САХА СИРИН алмаастаах устуоруйата» быыстапка аһылынна

Дьокуускайга «АЛРОСА – САХА СИРИН алмаастаах устуоруйата» быыстапка аһылынна

09.08.2024, 17:30
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Дьокуускайга «Сокровищница Якутии» быыстапка комплексын былаһааккатыгар АЛРОСА уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гохранын «АЛРОСА – Саха сирин алмаастаах устуоруйата» холбоһуктаах экспозиция үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Быыстапка Саха сиригэр бастакы алмааһы булуу 75 сылыгар – Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга алмааһы хостоо­һун устуоруйатыгар дьоһун суолталаах түгэннэртэн биирдэс­тэригэр ананна.

Быыстапканы арыйыы күнэ-дьыла мээнэҕэ талыллыбата – 1949 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Амакинскайдааҕы эспэдиис­сийэ геологтара Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү өрүскэ бастакы алмааһы булан, дойдуга алмааһы хостооһун салаата тэриллэригэр суолу тэлбиттэрэ.

Биэс сыл буолан баран, 1954 сыллаахха сэбиэскэй геолог Лариса Попугаева Саха сиригэр «Зарница» кимберлиттээх туруупканы – биһиги дойдубутугар алмаас бастакы төрүт сирин арыйбыта. 2024 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр бу кэрэ-бэлиэ түгэн буолбута 70 сыла туолар.

60 дьикти алмаас

Экспозиция киин чааһыгар алмааһы хостуур бырамыысыланнас үөскээбит устуо­руйатын сүрүн кэрдиистэрин маршрута, 1954 сыллаахха «Зарница» туруупканы ары­йыыттан саҕалаан, 2024 сыллаахха  Арассыыйа алмаас­таах куоратыгар Мииринэйгэ геологическай байытар комплекс аһыллыар диэри кэм көрдөрүллэр. Быыстапкаҕа кэлэр дьон алмаас уонна кини хайдах үөскээбитин, алмаас салаатын сүрүн түгэннэрин, сыаналаах минераллары хостооһун уонна таҥастааһын, Арассыыйа ал­­маастаах сирдэрин туһунан, алмааһы сыаналааһын сүрүн тускулларын, итиэн­нэ АЛРОСА хампаанньа Саха сирин сайдыытыгар туох суолталаахтарын билиэхтэрэ.

Быыстапка сүрүн киэргэл­лэринэн алмаастар, бирилийээннэр уонна ювелирнай оҥоһуктар буолуохтара. АЛРОСА кэллиэксийэтиттэн 60 дьикти алмаас Саха сиригэр аан бастаан көрдөрүллүөҕэ. Олор ортолоругар олус сэдэх уонна хатыламмат көрүҥнэрин иһин «Сулус», «Дьиктилэр хонуулара», «Собо», «Чыычаах» диэн ааттары ылбыт сыаналаах таастар, ону сэргэ «Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сылыгар 100 анал алмаас» бырайыак чэрчитинэн Саха сирин уһулуччулаах дьонун аата иҥэриллибит бөдөҥ алмаастар бааллар.

АЛРОСА ону таһынан  бэйэ­тин кэллиэксийэтиттэн бирилийээннээх киэргэллэри уонна АЛРОСА маастардара араас сылларга кырыылаабыт үс биллэр-көстөр бирилийээнин   (14,8-караттаах «Призрак Розы»,  20,7-карааттаах «Жар-птица» уонна Арассыыйа саамай бөдөҥ бирилийээнин –100 караттаах  «The Spectacle») репликаларын көрдөрүөҕэ.

Бастакы алмааһы булуу 75 сылыгар анаан-минээн АЛРОСА исписэлиистэрэ 7 тыһыынчаттан тахса караттаах алмаастан оҥорор панноларын туруоруохтара.

Барыта сайдыы бигэ туруктаах буоларын туһугар

«Алмаас бырамыысыланнаһа тэриллиитэ уонна сайдыыта Саха сирин устуоруйа­тын уонна олоҕун уларыппыттара. Уонунан тыһыынча бастакы арыйааччылар, геологтар, алмааһы хостооччулар үлэлэрин түмүгүнэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнаска биллэр кыахтаммыта.  АЛРОСА билигин Саха сирин экэниэмикэтин флагманынан уонна тыһыынчанан оробуочай миэстэни таһаарар, киэҥ хабааннаах социальнай бырайыактары өйүүр уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуотун үс гыммыт биирин хааччыйар социальнай хайысхалаах хампаанньа холобурунан буолар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев быыстапка аһыллыытын сиэригэр-туомугар эттэ.

«АЛРОСА Саха сирин кытары быһаччы сибээстээх бэ­­йэтин устуоруйатынан киэн туттар. Устуоруйаҕа биһиги хампаанньабытыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойду алмааһын салаа­та сайдарыгар быһаччы дьайбыт элбэх уһулуччулаах  дьон, саҥа арыйыылар уонна ситиһиилэр бааллар. Биһиги Саха сирин дьонугар дойдуга алмааһы хостооһун албан ааттаах ус­­туоруйатыттан сүрүн кэрдиистэри,  хас да көлүөнэ үлэһиттэрбит үлэлэрин түмүгүн көрдөрөр кыахтаммыппытыттан олус үөрэбит.

Хас биирдии хостоммут алмаас улахан үлэнэн кэлбитэ. Биир кырачаан тааһы хостуурга мөлүйүөнүнэн туонна урууда арыллара уонна таҥастанара наадатын өйдүөхтээхпит. Саха сирин алмааһын устуо­руйатын тухары сүүһүнэн тыһыынча киһи алмааһы хос­­тоон таһаа­рыылаахтык үлэлээбитэ. АЛРОСА-ҕа үлэ күн бүгүҥҥэ диэри тиһигин быспакка күөстүү оргуйар.

Быыстапкаҕа кэлбит дьоҥҥо экспозициялар элбэх чаҕылхай  санааны саҕыахтарыгар уонна Саха сирин ал­­маастаах летопиһыгар өссө биир албан ааттаах түгэнинэн буолуохтарыгар  эрэнэбин», –диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай бэлиэтээн эттэ.

«АЛРОСА билигин урукку үгэстэргэ тирэнэр дириҥ уонна бигэ төрүттээх Саха сирин хампаанньатынан буолар. Хампаанньа Саха сирин бүддьүөтүгэр улахан кылаатын киллэрэр, ол иһин хампаанньаны  биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын «локомотивынан» ааттыыллара оруннаах.

Бүгүн биһиги маннык быыс­тапканы арыйарбытыттан олус үөрэбин. Бастатан туран, алмаас­таах салаа бэтэрээннэригэр, бастакы арыйааччыларга,  ону сэргэ улаҕата көстүбэт тайҕаҕа олус ыарахан усулуобуйаҕа көрдүүр үлэни ыыппыттарга, баабырыкалары, эби­йиэктэри уонна бөһүөлэктэри туппуттарга, суоллары уонна уот ситимиин оҥорооччуларга ытыктабыл бэлиэ­тинэн ааҕабын.  Кинилэр саха алмаа­һын хостооһун  дьиҥнээх дьоруойдара»,  – диэн АЛРОСА бэтэрээнэ, САССР үтүөлээх геолога Георгий Балакшин эҕэрдэтин тириэртэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: