Дьокуускайга Амур тыйаатыра гостуруоллуу кэллэ
Амурдааҕы драма тыйаатыра Дьокуускайга кэлэн, балаҕан ыйын 22 — алтынньы 1 күннэригэр Нуучча тыйаатырын сыанатыгар аҕыс испэктээкили көрдөрүөҕэ диэн СИА суруйар.
Благовещенскайтан тыйаатыр труппатын толору састааба кэллэ, декорацияларын, көстүүмнэрин барытын илдьэ кэлбиттэр. Тыйаатыр бу гостуруола «Большие гастроли» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн тэриллибит.
Бырагыраамаларыгар классика, кэмиэдьийэ, драматическай уонна оҕо испэктээкиллэрэ бааллар. Ол курдук: «Слуга двух господ», «Последняя любовь Насреддина», «Тайна лебединого озера», «Смешные деньги», «Ромео и Джульетта», «Щелкунчик» , «Женить бы Бальзаминова!», «Восемь любящих женщин» испэктээкиллэри көрдөрүөхтэрэ.
Бүгүн киэһэ бырагырааманы «Слуга двух господ» кэмиэдьийэ арыйыаҕа. Дьокуускай култуурунай олоҕор атын эрэгийиэнтэн бүтүн тыйаатыр госутуроллуу кэлэрэ сэдэх, онон кэлиҥ, сылдьыҥ, кэрэхсээҥ диэн ыҥыраллар.
Бу иннинэ Амурдааҕы драма тыйаатыра Дьокуускайга биэс сыллааҕыта кэлэ сылдьыбыта, «Горький хлеб Албазина» испэктээкили көрдөрбүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: