Дьокуускайга Арассыыйа былааҕын күнүнэн тэрээһин арааһа буолла
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Арассыыйа былааҕын күнүнэн элбэх тэрээһин ыытылынна. Дьокуускай киин болуоссатыгар «Флаг державы – символ славы» тэрээһин буолан ааста.
Оттон куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Орджоникидзе болуоссатыгар айар кэллэктииптэр, вокальнай ансаамбыллар улахан кэнсиэртэрин көрдүлэр.
Болуоссаттарга сылдьыбыт дьон таарыйа «Маскировочная сетка для участников СВО» аахсыйаҕа баҕа өттүлэринэн кыттан, кыра да буоллар кылааттарын киллэрдилэр.
Итини таһынан Дьокуускай куорат олохтоохторо фито-истиэнэҕэ бары күүстэрин холбоон «Три цвета Родины» хартыынаны уруһуйдаатылар.
Оттон Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев байыаннай дьайыыга дьоруойдуу охтубут байыастар дьонноругар «Хорсунун иһин» мэтээллэри туттартаата.
Бу үөрүүлээх күн 14 саастарын туолбут кыргыттарга уонна уолаттарга – өрөспүүбүлүкэтээҕи, бүтүн дойдутааҕы олимпиадалар, куонкурустар, успуорт күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтарыгар, призердарыгар Арассыыйа гражданнара буолбуттарын туоһулуур паспордары туттардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: