Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойа Николай Евдокимовы чиэстээтилэр

Share

 Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр,  Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойа Николай Евдокимов кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кинини  үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүүгэ балтараа мөлүйүөн солкуобайдаах харчынан сэртипикээти туттарда.

«Биһиги Николай Евдокимов  байыаннай дьайыыга  хорсун уонна  бэйэтин  харыстаммат быһыытын  дойдубут сөптөөхтүк сыаналаабытынан киэн туттабыт. Кини бойобуой доҕорун быыһыыр туһугар оҥорбут дьоруойдуу быһыыта барыбытыгар холобур буолар. Биһиги Дьоруойбут Саха сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарын өйөбүллэрэ саамай ыарахан тургутууну  кыайарга көмөлөспүттэрин туһунан этэр. Арассыыйа Дьоруойун аата – үрдүк  чиэс-бочуот эрэ буолбатах, улахан эппиэтинэс. Николай Евдокимов бэйэтин аатын Арассыыйа уонна Саха сирин летопиһыгар киллэрэн,  биһиги кыайыылаах  аармыйабыт албан ааттаах үгэстэрин чиэстээхтик салгыыр. Кини хорсун быһыыта  – Саха сиригэр барытыгар киэн туттуу уонна үүнэр көлүөнэҕэ патриотизм холобура”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Николай Евдокимов Мииринэй улууһун Удачнай куоратыгар үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыта. Кини Саха сиригэр 9 сыл олорбута, билигин дьиэ кэргэнин барытын көһөрөн аҕаларга былааннанар.

«Бу улахан  саалаҕа киириим миэхэ улахан чиэс. Эһиги оҥорор көмөҕүтүгэр махталбын биллэрэрбин көҥүллээҥ. Бу байыаннай дьайыы зоналарыгар сылдьар уолаттарга олус улахан суолталаах. Эһиги көмөҕүт кинилэри олус өйүүр, эрэли уонна күүһү-уоҕу биэрэр. Биһиги хас биирдиибит ардыгар олус кутталлаах бойобуой сорудахтары толорор. Төрөөбүт дойдуга таптал, бэйэ чиэһин билинии ону быһаарарга көмөлөһөр”, — диэтэ Арассыыйа Дьоруойа.

«Маннык түгэннэр патриотизм уонна дойдуга сулууспалааһын суолтатын бигэргэтэллэр. Николай Владимирович биһиги дойдубутугар куттал суох буоларыгар кылаата тугунан да сыаналаммат. Кини холобура дойдубут олоҕун тупсарарга уонна аан дойдуга биһиги дойдубут көрүүтүн бөҕөргөтөргө өссө күүскэ үлэлииргэ көҕүлүүр”, — диэн Саха сирин парламенын вице-спикерэ Афанасий Владимиров эттэ

Санатан эттэххэ, РФ Дьоруойун “Кыһыл көмүс сулуһун” Николай  Евдокимовка бэс ыйын 12 күнүгэр РФ оборонаҕа миниистирэ Андрей Белоусов туттарбыта. Судаарыстыба үрдүкү наҕараадатын Саха сирин 9 олохтооҕо:  Игорь Юргин, Николай Соболев, Александр Колесов, Филипп Евсеев, Алексей Неустроев, Дмитрий Егоров, Родимир Максимов, Дмитрий Куценко уонна Николай Евдокимов ыллылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago