Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойун Родимир Максимовы чиэстээтилэр

 Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойун Родимир Максимовы чиэстээтилэр

14.10.2024, 15:07
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Алтынньы 14 күнүгэр Дьокуускайга Арассыыйа Дьоруойун Родимир Максимовы үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  өрөспүүбүлүкэ салалтата, байыаннай дьайыы байыастара, бэтэрээннэрэ, эдэр армеецтар, аймахтара, уопсастыбаннас, Дьокуускайга Таатта улууһун түмсүүтүн  бэрэстэбиитэллэрэ, биир дойдулаахтара  кытыннылар.

Родимир Максимов былырыын ахсынньыга байыаннай сулууспаҕа барарга хантараакка илии баттаспыта уонна 2024 сыл олунньуга байыаннай дьайыы зонатыгар тиийбитэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһун Туора Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо Родимир Максимовы Арассыыйа Федерациятын үрдүк аатын иҥэриинэн эҕэрдэлээтэ.

«”Бурхат” диэн позывнойдаах Родимир Максимов дьоруойдуу быһыытынан туһунан Саха сирэ уонна Арассыыйа барыта билбитэ. Новомихайловка оройуонугар  киирсии кэмигэр Родимир төһө да бааһырбытын иһин, этэрээти салайыыны бэйэтигэр ылбыта уонна икки суукка тухары тирэх пууну көмүскээбитэ. Биһиги дьоруойбут  бэйэни харыстаммат хорсун быһыытын  киллэрэн,  саамай ыарахан тургутууну ааспыта. Бу —  бэйэтин дойдутугар, ытык иэһи толорууга уонна байыаннай доҕотторугар бэриниилээх  күүстээх санаалаах, хорсун буойун туһунан устуоруйа. Саха сирэ барыта  дьоруойдарынан киэн туттар. Кинилэр албан ааттаах  холобурдара биһиги саллааттарбыт санааларын бөҕөргөтөр. Биһиги хас биирдии байыаспытынан киэн туттабыт уонна  кинилэргэ  дьиэлэригэр түргэнник Кыайыы кынаттаах эргиллэллэригэр баҕарабыт”, — диэн Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Бу күн Ил Дархан Родимир Максимовка 1,5 мөлүйүөн суумалаах харчынан сэртипикээти туттарда. Родимир Максимов Саха сирин олохтоохторугар кини байыаннай кылаатын үрдүктүк сыаналаабыттарыгар махтанна.

«Сахам сирин дьонугар истиҥ көрсүһүүгүт иһин махтанабын. Ордук байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр уонна эрэллээх тыылы хааччыйа сылдьааччыларга махтанабын. Мин байыаннай дьайыыга Арассыыйа Дьоруойа буолар  туһунан санаабакка да барбытым. Бу — мин эрэ мэтээлим буолбатах, бу бииргэ сулууспалаабыт дьоммор сыһыаннаах.  Наҕараадабын  тутаат даҕаны тута кинилэргэ Москваҕа госпиталга барбытым.   Эһиги өйөбүлгүт – биһиги кыайыыбытыгар күлүүс. Чугас дьоммут нус-хас олоруулара  биһиэхэ, инники кирбиигэ сылдьааччыларга, күүһү-уоҕу биэрэр”, — диэтэ  уоппускатыгар кэлбит  Родимир Максимов уонна ылбыт наҕараадата кинини кытта бииргэ сылдьар байыаннай доҕотторун  өҥөлөрө буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ытык иэһи толоруу

 Наталья Харлампьева, СӨ норуодунай бэйиэтэ:

 Бу документальнай очеркаҕа Аан тылы суруйар олус судургута суох буолан биэрдэ.  Саха сирин байыастара ураты булугас өйдөрүн, хорсун быһыыларын  көрдөрөн,  байыаннай иһитиннэриилэргэ  сотору-сотору бэлиэтэнэллэр. Ону Арассыыйа дьоруойдарын Кыһыл көмүс сулустарынан бэлиэтэммит, Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кыттааччылар ахсааннара элбии турара  туоһулуур… Номоххо киирбит “Алеша” тааҥка састаабыгар Саха сириттэн икки байыас – сыаллааччы Алексей Неустроев уонна мэхээнньик Филипп Евсеев бааллара. Кинилэргэ  Курскайга наҕарааданы туттаралларын  уонна  Владимир Путинныын  Кириэмилгэ чэйдээһиннэрин аан дойду барыта тэлэбиисэр экраныгар көрбүтэ. Көрсүө-сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, бэйэлэрин тустарынан кэпсииргэ үөрэммэтэх уолаттар.

Аҕыйах саҥалаах  уонна сэмэй быһыы биһиги эр дьоммут ураты өрүттэринэн  буолар диэхтэхпинэ, мин, арааһа, сыыспатым буолуо. Хотугу дойду айылҕата, тыйыс килиимэт,  мэниктээн дуу эбэтэр барыс туһугар дуу буолбакка, дьиэ кэргэн, аҕа ууһун, норуот   тыыннаах хааларын  туһугар ыарахан  усулуобуйаларга булдунан уонна балыктааһынан  дьарыктаныы биһиги эр дьоммутугар  ураты хаачыстыбалары иҥэрбитэ.

Суруйааччы Александр Седалищев “Бурхат” диэн ыҥырыллар ааттаах,   кимэн киирэр  этэрээт пулеметчига, Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа Родимир Максимов туһунан документальнай очеркатыгар  өстөөҕү утары үс күннээх дьоруойдуу охсуһуу хрониката  бэриллэр. Салгыы инники сыҕарыйарга   стратегическай суолталаах тирэх пууну кинилэр көмүскээбиттэрэ. Кинилэри Бурхат хамаандалаабыта. Кини ыҥыраллар аатын  ийэтин өттүттэн ылбыт – Бурхатов аҕа ууһа улахан уонна элбэх салаалаах  устуоруйата 17-с үйэттэн ааҕыллар. Кинилэр аҕа уустара Саха сирин нэһилиэнньэтин бастакы биэрэпиһигэр – ревизскэй сказкаларга  киирбит. Биһиэхэ  аҕа ууһун аатын, улахан наадата суох буоллахтарына,  туһамматтар. Ол   улахан эппиэтинэһи, төрүттэрбит күлүктэрин аймааһынтан куттаныыны, былыргы төрүттэрбит кэриэстэригэр  сөбө суох курдук сананыыны кытта сибээстээх. Баҕар, биһиги байыаспыт бэйэтин бойобуой тыынын  бөҕөргөтөөрү бу ыҥырыллар ааты  ылыммыта буолуо….

Ааптар туһунан аҕыйах тыл. Александр Седалищев  проза уонна драматургия  жанрыгар үлэлиир. “Отцова ноша” проза кинигэтэ бэчээттэммитэ, “Таптал сүппүт куората” пьесата Саха драматическай тыйаатырын сыанатыгар туруоруллубута. Сотору прозатын иккис кинигэтэ тахсыаҕа. Кини “Узелки судьбы” пьесатын суруйан бүтэрдэ. Александр Седалищев быйыл сайын дьоһуннаах дуоһунаһын уонна нус-хас  олоҕун хаалларан туран, байыаннай дьайыыга волонтерунан барда. Кини бу эриэккэс  быһыыта ытыктабылы  үөскэппэт буолуон сатаммат. Александр Николаевич — кытаанах санаалаах, элбэҕи саҥара-иҥэрэ сылдьыбат  уонна бигэ тыыннаах  саха эр дьонуттан биирдэстэрэ. Байыаннай дьайыы зонатыгар  өрөспүүбүлүкэттэн барбыт байыастар интэриэстэрин көмүскүүр  волонтер быһыытынан үлэтэ хайдаҕын сэрэйиэхпин эрэ сөп… Ол гынан баран, көрөрбүт курдук, кини өссө бириэмэ булан суруйар. Сэрии, дьоруойдар тустарынан.

Александр Седалищев очеркатын “Российский писатель” сайтыгар билиһиннэрэн, ааҕааччылар дьоруойу уонна ааптары дьиҥнээх патриоттар, дойдуну көмүскээччилэр курдук ылыныахтара дии саныыбын. Кинилэртэн хас биирдиилэрэ бэйэтин иэһин толорон, бэйэтин үлэтин оҥорор.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: