Дьокуускайга Арассыыйа уонна Кытай бырааттыы сыһыаннарыгар аналлаах пуорум буолуоҕа
19.06.2023, 14:33
Хаартыска: Ил Дархан уонна быырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Дьокуускай куоракка бэс ыйын 24-25 күннэригэр «Якутия и провинции Китая: побратимские связи ради укрепления российско-китайских отношений» диэн пуорум буолуоҕа.
Тэрээһиҥҥэ Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин куораттарыттан уонна уездтарыттан, Хабаровскай куоракка баар Кытай сүрүн консульстватыттан уонна норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэриттэн 11 делегация кыттыыны ылыаҕа.
Пуорумҥа инвестицияҕа, үөрэххэ, туризмҥа, успуорка уо.д.а. боппуруостарга бииргэ үлэлээһин туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
Тэрээһин түмүгүнэн бииргэ үлэлээһин хайысхаларын кэҥэтэр туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаһыы былааннанар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: