Дьокуускайга Арктиканы арыйбыт, үөрэппит айанньыттарга аналлаах стела аһылынна
«Чочур Мыраан» этнографическай комплекска «Ветер странствий» диэн стеланы аһыы буолла.
Ураты стела Дьокуускай куорат Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи уонна Арктика түөлбэлэрин арыйыыга сүрүн төһүү күүһүнэн буолбутун кэрэһэлиир. Манна Саха сирин ураты сирдэрэ-уоттара уонна айанньыттар күүстээх дьулуһуулара ойууланаллар. Бу эбийиэк Нуучча географическайуопсастыбатын Саха сиригэр отделениетын көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Дизайнын Нам улууһун орто оскуолатын черчениеҕа уонна технологияҕа учуутала Максим Иванов оҥорбут.
Эҕэрдэ тылы Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиригэр отделениетын толорооччу дириэктэрэ, «Арассыыйа — мин историям» историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Соловьев, «Чочур Мыраан» салайааччыта Лена Сидорова эттилэр, этнографическай комплексы ураты тыыннаатылар диэн бэлиэтээтилэр. СӨ Туризмы сайыннарыыга агентствотын салайааччы Дмитрий Громов арт-эбийиэккэ Саха сирин ураты сирдэрэ-уоттара, эбийиэктэрэ стелаҕа ойууланан киирбиттэрэ рөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталааҕын иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: