Дьокуускайга “Ас-үөл” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа ыҥыраллар

Share

Үгэскэ кубулуйбут “Ас-үөл-2024” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Саха сирин бары улуустарыттан пиэрмэрдэр, оҥорон таһаарааччылар, агро-оскуолалар Дьокуускайга мустан, бородууксуйаларын атыыга таһааран билиһиннэриэхтэрэ, көрдөрүөхтэрэ.

«Олохтоох бородууксуйаны балаҕан ыйын 25 күнүттэн 29 күнүгэр диэри Комсомольскай болуоссатыгар атыылаһыахха сөп» диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Тэрээһин биэс күн устата күн аайы 10:00 чаастан 19:00 чааска диэри Комсомольскай болуоссакка ыытыллыаҕа. Манна маастар-кылаастар, аһы миэстэтигэр боруобалааһын (дегустация), сонун бородууксуйаны көрдөрүү, билиһиннэрии ыытыллыаҕа.  Дьаарбаҥка АГАТУ ипподромугар үгэс буолбут ат сүүрдүүтүнэн түмүктэниэҕэ», — диэн иһитиннэрдэ миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев.

Дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьон хортуоппуйу, эт, балык, үүт ас бородууксуйаларын,  сир аһын арааһын, мүөтү, чэйи, быһата, тугу баҕарбытын барытын  атыылаһыахтарын сөп.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago