Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньууларга 31 мэдиссиинэ пууна тэриллиэҕэ

Share

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын ыытыы кэмигэр 31 мэдиссиинэ пууна, ол иһигэр 15 пуун төгүрүк суукканы уонна 16 күнүскү өттүгэр үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин иһитиннэрдэ.

«Пууннарынан Дьокуускайдааҕы мэдииссинэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, ону тэҥэ чугастааҕы улуу тарынан киин балыыһалар исписэлиистэрэ тардыллыахтара. 15 сууканы төгүрүччү үлэлиир пууннар кыттааччылар, тириэньэрдэр, хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ, култуурунай бырагыраама кыттыылаахтара, волонтердар сылдьар миэстэлэринэн оонньуулар бүтүөхтэригэр диэри тэриллиэхтэрэ. Оттон 16 күнүскү пуун күрэхтэр ыытыллар сирдэринэн үлэлиэхтэрэ», — диэтэ Дмитрий Сергин.

Суукканы эргиччи пууннарга үлэлэтиигэ 1 №- дээх поликлиника, Дьокуускайдааҕы 2 №- дээх балыыһа, 3 №- дээх мэдиссиинэ киинэ, «Фтизиатрия» НПЦ, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо сэллик санаторийа, онкологическай диспансер, 1 №-дээх мэдииссинэ национальнай киинэ, наркологическай диспансер, психоневрологическай диспансер, о.д.а. үлэлиэхтэрэ.

Күнүскү пуун үлэлэригэр чугастааҕы 14 киин балыыһалар быраастара Амматтан, Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Нерюнгриттан, Сунтаартан, Тааттаттан, Томпоттон, Уус Алдантан, Хаҥаластан, Чурапчыттан кэлэн кыттыахтара. Пуун үлэтигэр барыта 116 медик, ол иһигэр 58 быраас уонна 58 медсиэстэрэ үлэлиэхтэрэ. Анал тэрилинэн уонна  оборудованиенан, матырыйаалынан толору хааччыллыахтара.

Күрэхтэһии уонна маассабай тэрээһиннэри ыытыы кэмигэр суһал мэдиссиинэ көмө биригээдэтэ уонна мэдииссинэ киинин анал биригээдэтэ үлэлиэхтэрэ. Оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын 250 спорстменыгар чинчийиилэр ыытылыннылар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago