Дьокуускайга баан каартатыттан харчы уоруллубута арылынна
Саха сиринээҕи ИДьМ сулууспатын Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх полициятын отделыгар баан каартатын счетуттан 34 тыһыынчаттан тахса суума харчы уоруута тахсыбытын туһунан киин куорат олохтооҕо дьахтартан иһитиннэрии киирдэ.
Суһал-көрдүүр дьаһалларынан холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччы 49 саастаах эр киһини туттулар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, дьахтар эр киһини кытта бииргэ арыгылаабыт. Ол кэннэ эбии баан каартатын уонна пин-кодун этэн баран, 49 саастаах эр киһиэхэ туттаран арыгы атыылаһыннара ыыппыт. Уорбаланааччы маҕаһыыҥҥа тахсаат, дьахтарга төннүбэтэх. Ол кэннэ, ый кэриҥэ курдук, уоруллубут баан каартатынан бэйэтэ тугу баҕарбытын атыыласпыт. РФ Холуобунай Кодексатын «Уоруу» 3 ч. 158 ыст. холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан Саха сирин ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: