Дьокуускайга баһаарга оҕо өлүүтүгэр ким буруйдааҕый?
От ыйын 25 күнүгэр Дьокуускайга Лермонтов аатынан уулуссаҕа баар 16 этээстээх дьиэҕэ болкуоҥҥа бөх умайыытыттан биэс саастаах оҕо эмсэҕэлээбитэ. Бу иннинэ полиция салаатыгар 15-с этээскэ олорор элбэх оҕолоох ийэ арыгы иһэрин туһунан иһитиннэрии өрүү киирэр эбит.
Ол күн, от ыйын 25 күнүн киэһэтигэр баһаарга эмсэҕэлээбит оҕо эчэйиитэ улаханыттан өлөөхтөөбүт. Баһаарга оҕо өлүүтүгэр сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэктэрдэр кыһаммаккалар диэн социальнай ситимҥэ суруйаллар. Ол курдук, былырыын ийэ оҕолорун киһилии көрбөт, арыгы иһэр диэн полицияҕа сурах кэлээтин кытта тустаах аадырыска сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэктэрдэр тиийэ сылдьыбыттар. Кинилэри оҕолор ийэлэрэ — 33 саастаах дьахтар итирик көрсүбүт. Дьахтары административнай эппиэтинэскэ тардыбыттар. Оҕолору социальнай тэрилтэҕэ киллэрбиттэр уонна бу дьиэ кэргэни сэрэтэр учуокка ылбыттар. Сотору кэминэн эпиэкэ уорганнарын көҥүллэринэн оҕолору ийэлэригэр төннөрбүттэр диэн sakhapress.ru саайт суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: