Дьокуускайга  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар вакансия дьаарбаҥката ыытыллыаҕа

Share

Куорат уокуруктарыгар нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун управлениета, «Мин үлэм» офис, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэнэн хааччыйыыга үлэтин салгыыр.

«Ааспыт сылга үлэ булан биэриигэ ыарахаттары көрсөр гражданнарын үлэҕэ киллэриигэ үлэ миэстэтин кубуоталааһын туһунан республика сокуонугар уларытыылар киирбиттэрэ. Быйыл олунньу 28 күнүгэр ити сокуоҥҥа олоҕуран, СӨ Нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин туһааннаах бирикээһэ тахсыбыта. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, Дьокуускайга 207 тэрилтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр 441 үлэ миэстэтин кубуоталыахтаахтар», — диэн иһитиннэрдэ Дьокуускайдааҕы Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччыта Мария Слепцова.

Үөһэ ыйыллыбыт сокуону олоххо киллэрэр сыалтан, Дьокуускайга «Защитники Отечества»  пуонда филиалын Ойуунускай уулусса  41/1 дьиэтигэр вакансия дьаарбаҥката ыытыллыаҕа. Билигин 10-тан тахса үлэ биэрээччиттэн сайаапкалар киирдилэр. Бу тэрээһиҥҥэ кыттааччыларга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр резюме оҥорорго, идэлээх үөрэхтээһин, эбии идэлээх үөрэхтээһин уонна бэйэ дьыалатын арыйарга сүбэлиэхтэрэ.

Мария Слепцова иһитиннэриитинэн, куорат уокуруктарын нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун управлениетыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин ахсааныттан үлэ көрдүүргэ 107 киһиттэн, ол иһигэр 57 бойобуой дьайыылар уонна 50 байыаннайдар дьиэ кэргэттэриттэн сайаапкалар киирбиттэр. Онтон 43 киһиэхэ үлэ миэстэтэ булуллубут. Сүрүннээн суоппарынан, охраннигынан, иитээччинэн, бухгалтерынан,  методиһынан үлэлииллэр, ону тэҥэ судаарыстыба көмөтүнэн дьыаланы арыйаллар, урбаанынан дьарыктаналлар.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр «Защитники Отечества» пуонда  уонна  атын уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин суолтатын бэлиэтээбитэ. Итиэннэ дойду былааһын бары уорганнарын кытта инникитин даҕаны байыастар дьиэ кэргэттэрин өйүүр туһугар туох баар үлэни оҥорорго ыҥырбыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

24 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago