Дьокуускайга байыаннайдарга анаан балаклава тигиитигэр маастар-кылаастары ыыталлар

Share

Дьокуускайга Национальнай художественнай мусуойга «Мы вместе» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн байыаннай сулууспалаахтарга балаклава тигиитигэр маастар-кылаастары ыыталлар. Уруоктар сэтинньи 6 күнүгэр диэри күҥҥэ иккитэ ыытыллыахтара.

«Хас биирдии тикпит балаклавабытыгар «Үс кут» ойуулаах этикеткэлэри ииллибит. Харысхал буолан, биһиги саллааттарбытын араҥаччылыы сырыттын диэн», — диир Худуоһунньук дьиэтин мэтэдииһэ Варвара Заровняева. Кинилэр алтынньы 14 күнүттэн барыта сэттэ маастар-кылааһы ыыппыттар. Бу күннэр устата сүүрбэ үөрэнээччи 34 балаклаваны тикпит.

«Маннык аахсыйалар ыытыллаллара наада. Хас биирдиибит төһө кыалларынан көмөлөһөр эбээһинэстээх дии саныыбын. Уопсай дьыалаҕа көмө буолбутум диэн киэн туттуом. Сулууспалаахтарбыт туһугар кыһалларбытын, кинилэри күүтэрбитин билиэхтээхтэр», — диир аахсыйа кыттыылааҕа, СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Надежда Федорова. 

Аахсыйаҕа кыттыан баҕалаахтар оптуорунньуктан субуотаҕа диэри 10-18 ч. Дьокуускай, Лермонтов уул., 31/2б аадырыһыгар биллиҥ. Билсэр төлөпүөҥҥүт: +7 (924) 661-57-55.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago