Дьокуускайга байыастарга психологическай трениннэр ыытыллыахтара

Share

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сарсын, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускайга нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин исписэлиистэрэ трениннэри ыыталлар.

Брифиҥҥэ СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов кэпсээбитинэн, байыаннай дьайыыттан кэлбит байыастарга тэрээһин көмөлөһөр, өйөбүл буолар сыаллаах ыытыллар. Сарсын Петр Алексеев уулуссатын 19/3 нүөмэригэр, күнүс 14.00 ч. саҕаланар.

Кини дьарыктаах буолуу сулууспатыгар сыл саҕаланыаҕыттан 319  байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ сүбэ-ама көрдөөбүттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Уопсайа 190-тан тахса байыас үлэнэн хааччылларыгар көмө оҥоһуллубут. Маны таһынан, сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр 103 оҕо быстах кэмҥэ үлэлээбит. Оттон саҥа идэни ыларга билиҥҥитэ 32 киһи үөрэнэр.

Кини иһитиннэрбитинэн, дьарыктаах буолуу сулууспатын көмөтүнэн өссө икки байыас үлэнэн хааччыллыбыт. Олортон биирдэстэрэ Таатта улууһугар дьаһалтаҕа исписэлииһинэн, иккиһэ «Якутуголь» хампаанньаҕа киирбиттэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

49 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

60 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

2 часа ago