Дьокуускайга балыксыт суруналыыстар күрэхтэстилэр

Share

Сэтинньи 9 күнүгэр киин куорат 203 түөлбэтин анныгар Өлүөнэ эбэ тас үөһүгэр «Ил Түмэн» парламент хаһыатын эрэдээксийэтэ хаһыат үбүлүөйдээх 25 сылыгар анаммыт муус аннынан күөгүнэн балыктааһын күрэҕин тэрийэн ыыттылар.

Сонун күрэҕи Арассыыйа Суруналыыстарын Соһууйун Саха сиринээҕи салаата уонна “Ил Түмэн” издательскай дьиэ кэлэктиибэ олус үчүгэйдик тэрийдилэр. Тэрээһиини “Ил Түмэн” хаһыат сахалыы таһаарыытын эрэдээктэрэ Алексей Матвеев иилээн-саҕалаан салайда. Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ балыксыттары суруналыыстыка бэтэрэнээ, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара ытыктыыр киһилэрэ Иван Ксенофонтов-Силиги айыы тылынан, сахалыы алгыһынан, үрдүк айыылартан көрдөһөн алгыс тылын эттэ.

Маннык күрэх аан бастакытын буолбутун туһунан Арассыыйа Суруналыыстарын Соһууйун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Олег Марков бэлиэтээтэ уонна күрэх кыттааччыларыгар ситиһиилэри баҕарда. Тэрээһиҥҥэ уопсайа сэттэ хамаанда күөн көрүстэ.

Бу күн суруналыыстар муус аннынан үс чаас устата, 10-тан 12.00 чааска диэри, балыктаатылар, «Ил Түмэн» хаһыат кэлэктиибэ бэлэмнээбит маанылаах сандалы остуолун аһын-үөлүн амсайдылар, ыҥырыылаах ыалдьыт, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ Петр Томскай дойдутун Усуйаана балыгынан күндүлээтэ, хайдах ыраастыырга, кыһарга маастар-кылаас көрдөрдө. Ити курдук суруналыыстар сыралаах үлэни таһынан үөрэ-көтө айылҕалыын алтыстылар. Бастакы маннык ыытыллыбыт күрэх олус табылынна дэһэллэр.

Күрэхтэһиигэ 7 хамаанданан Саха сирин көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрэ түмсэн кытыннылар. Бу күн хааллаан да туран биэрдэ, Күөх Боллох оҕонньор да балыгыттан бэристэ.

Арассыыйа Суруналыыстарын Соһууйун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Ил Түмэн» хаһыатын шеф-эрэдээктэрэ Галина Бочкарева мустубут суруналыыстарга махтанна уонна бу курдук инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэр буолуохтарыгар эрэннэрдэ.

Муус аннынан балыктыырга бэриллибит үс чааска ким бастакы балыгы хаптарбыт, ким саамай улаханы, кыраны, элбэҕи бултуйбут анал номинацияларга тигистилэр. Кыайыылаахтары маннык номинацияларынан наҕараадалаатылар:

«Самый быстрый рыболов» — сымсатык туттар-хаптар «Кыым» хаһыат суруналыыһа Анатолий  Стручков ҕыйах мүнүүтэ иһигэр балыгы хабан соһутта;
«Щукарь» — эттээх-сииннээх кыһыл харах балыгы эбэттэн күндүлэтэн «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Сайаана Львова ааттанна;
«Удачливый рыболов» — ахсаанынан элбэх балыгы хаптарбыт Мария Петухова ааттанна;
«Рыбак рыбака» — саамай улахан балыгы ылбыт суруналыыс Михаил Ноговицын буолла;
«Малек-2024» — саамай эдэр кыттааччы Далан Новиков ааттанна;
«Женщина рыболов» — саамай элбэх балыгы ылбыт Варвара Дьяконова буолла;
«Самая мелкая рыба» — саамай кыра балыгы бултаабыт суруналыыс Эверстов Виктор быһаарылынна;
«Зимний забег рыбака» — муус үрдүнэн дьааһыктаах уонна буурдаах 100 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ кимиэхэ да ситтэрбэтэх «Саха Бэчээт» үлэһитэ Ариан Григорьев быһаарылынна.

Түмүк таһаарыыга хамаанданан күрэхтэһиигэ кыайыылаахтары балык уопсай ыйааһынынан көрөн быһаардылар. Кылаан бастакы миэстэ «Кыым» хаһыат иккис хамаандатыгар тигистэ, иккис миэстэ — «Сахамедиа»- «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэригэр, үһүс бочуоттаах миэстэ — «Кыым» хаһыат бастакы хамаандатыгар.

Санаттахха, бу сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ парламенын “Ил Түмэн” хаһыатын маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыта 25 сылын туолбута. Үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр 1999 сыллаахха Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) II ыҥырыытын дьокутааттарын быһаарыыларынан «Ил Түмэн» хаһыат бастакы нүөмэрэ күн сирин көрбүтэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх»: эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев

Сотору кэминэн кэнсиэртээри сылдьар, көмүс куоластаах Иоганн Матвеев "Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх" биэриигэ ыалдьыттыыр. Кини…

43 секунды ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Танда быһыйа Анатолий Заболоцкай

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, “Саха – Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Уус…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин байыаһа Айсен Николаевка байыаннай дьайыыттан аҕалбыт дронун туттарда

Бэҕэһээ Айсен Николаев уоппускатыгар дьиэтигэр кэлбит «Чех» диэн позывнойдаах  байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ диэн…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эмис соботунан аатырар Ньидьили эбэҕэ алыһар, сордоҥ тоҕо эмискэ элбээтэ?

Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт видеоттан эбэ аттыгар баар нэһилиэктэр эрэ буолбакка, Ньидьили соботун сөбүлээн сиир…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара

Киин куорат саҥа маршрутнай ситимин бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии чэрчитинэн, оптуобус 10 маршрутунан – 2-с,…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаанньыт тиэхиньикэ сакаастаары, 3,2 мөл. солк. маппыт…

Дистанционнай түөкүттэр хабаларыгар киирии  түбэлтэтэ күннэтэ тахса турар. Ол курдук, бу күннэргэ Дьокуускай полициятын дьуһуурунай…

2 часа ago