Оптуорунньукка, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Дьокуускайга Саха сиригэр быйыл бастакытын төрөөбүт үс игирэ оҕолору балыыһаттан таһаардылар.
Эдэр төрөппүттэр Анастасия уонна Владислав Степановтар биир күн, ыам ыйын 2 күнүгэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ буоллулар. Ийэни уонна эрдэ төрөөбүт кыргыттары туругурбуттарын кэннэ перинатальнай киинтэн таһаардылар диэн СИА иһитиннэрэр.
«Үс игирэ оҕолор төрөппүттэрэ буоларбытын туһунан УЗИ-га көрөн, өссө оҕолор ахсыс нэдиэлэтигэр билбиппит. Бу бастакы оҕолорум, онон маннык үөрүүлээх, дьикти сонун ордук долгутуулаах этэ. Оҕону күүтэр кэм холкутук ааспыта, ол эрээри үс оҕо биирдэ үөскээбитинэн, болдьоҕун иннинэ оҕолонорго сүбэлээбиттэрэ. Ол курдук, биһиги ыам ыйын 2 күнүгэр үс кэрэ кыргыттар төрөппүттэрэ буолбуппут. Бастакы үс ый устата перинатальнай кииҥҥэ быраастар көрө-истэн сылдьыбыттара, онон кинилэргэ махталым муҥура суох», — диэн эдэр ийэ Анастасия Степанова кэпсээтэ.
Төрөппүттэр кыргыттарын Лея, Мила уонна Юна диэн ааттаабыттар.
«Биироҕо аатын эрдэтинэ толкуйдаатыбыт, онтон икки кыргыттарга ааттарын тута кэнники быһаарбыппыт», — диэн элбэх оҕолоох ыал аҕата Владислав Степанов кэпсээтэ. Ону тэҥэ эдэр төрөппүттэр бары төлөбүрдэрин ылбыттар, сороҕун дьиэ атыылаһарга номнуо туһаммыттарын туһунан кэпсээтилэр. Саха сиригэр Оҕо саас уонна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар төрөөбүт оҕолор олус кэрэхсэбиллээх түгэн.
Степановтар дьиэ кэргэттэрэ бастакы, иккис уонна үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ Саха сиринээҕи уонна федеральнай төлөбүрдэри, хас биирдии саҥа төрөөбүт оҕоҕо «Үйэ оҕолоро» хапытаалын уонна 4,6 мөл. солк. тахса суумалаах дьиэ сэртипикээтин туһаныахтара. Эдэр төрөпүүттэри Саха сирин Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта Татьяна Павлова эҕэрдэлээтэ. Кини Саха сиригэр Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн оҕо төрөөһүнүн үрдэтэргэ бары усулуобуйа тэриллэрин бэлиэтээтэ.
Санаттахха, Саха сиригэр бастакынан төрөөбүт үс игирэни балыыһаттан былырыын бэс ыйын 20 күнүгэр таһаарбыттара. Слепцовтар дьиэ кэргэттэригэр ыам ыйыгар үс уол оҕо төрөөбүтэ. Кинилэргэ дьиэ ылалларыгар сэртипикээт биэрбиттэрэ.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…