Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар «Барс-2» этэрээт хамандыырдарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Баҕа өттүнэн тэрилибит «Барс-2» этэрээт хамандыыра Василий Егоров салалталаах бөлөх Саха сиригэр кэллэ. Кинилэргэ СӨ аҕа баһылыгын аатыттан саха быһахтарын бэлэх ууннулар.
Хамандыыр Василий Егоров — кикбоксиҥҥа РФ үтүөлээх тириэнньэрэ, СӨ физическай култууратын үтүөлээх үлэһитэ, спортивнай резервэни бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ, доброволец.
«Батальон хамандыырыгар, подразделение салалтатыгар сулууспалыыр Саха сириттэн баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт ыаллыы сытар тааҥка батальонун, артиллеристары кытта ыкса сибээһи тутан этэҥҥэ үлэлэһэллэр», — диэн СӨ норуодунай дьокутаата Сахамин Афанасьев бэлиэтээтэ.
СӨ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Ассоциациятын Бэрэссэдээтэлэ Иван Черкашин комбат Егоровы «номоххо киирэр хамандыыр» диэн ааттаата.
«Биһиги кининэн уонна кини солбуйааччыларынан киэн туттабыт. Кини салалтатынан байыаннай дьайыыга Саха сириттэн байыастар түөрт бөлөхтөрө сулууспалаата. Саамай сүрүнэ, «Боотур » этэрээт сөптөөх дьаһалынан үлэлээн сүтүгэ суох», — диэн бэлиэтээтэ Иван Черкашин.
«Антах алта ый сырыттыбыт. Уолаттарбытын этэҥҥэ тыыннаах, чэгиэн туруктаах дьиэлэригэр ыыппыт буоламмыт настарыанньабыт, турукпут сэргэх. Биһигини үөрэппит инструктордарбытыгар, чуолаан Иван Черкашиҥҥа, байыастары бойобуой дьайыыга үчүгэйдик бэлэмнээбиттэрин иһин махтаныам этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит аҕа баһылыгын өйөбүлүн, дойдубут тирэҕин билэр буоламмыт эрэллээх этибит. «Барс-2» аатыттан Сахабыт сирин бары олохтоохторугар көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин махтанабыт», — диэн Василий Егоров санаатын үллэһиннэ.
Байыастары чугас дьоно, аймахтара, «Боотур» этэрээт байыастара уонна хамандыырдара, ону сэргэ Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрэ, эрэгийиэн ситэриилээх былааһа уонна Саха сирин Уопсастыбаннай палаатата көрүстэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…