Салгыы
Дьокуускайга бастакы эбээн уһуйаана аһылынна

Дьокуускайга бастакы эбээн уһуйаана аһылынна

23.02.2024, 16:30
Хаартыска: Дьокуускай дьаһалтатын үөрэххэ управлениета.
Бөлөххө киир:

Олунньу 22 күнүгэр Дьокуускайга «Осикат» диэн эбээннии чааһынай уһуйаан аһылынна. Бу киин куоракка эбээн тылынан үөрэтэр бастакы уһуйаан буолар.

Үөрүүлээх аһыллыы таһырдьа ыраастаныы, арчыланыы туомуттан саҕаланна.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Петрова кэлэн кытынна уонна оҕолорго, педагогтарга элбэх кинигэлэри — уус-уран литератураны уонна методическай босуобуйалары бэлэхтээтэ. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ этнокултуурунай иитии, норуот үгэстэригэр үөрэтии улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.

Уһуйаан иитээччилэрэ бары эбээннии билэллэр, саҥараллар. Кинилэр оҕолорго эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин, төрүт култуураларын үөрэтиэхтэрэ, эбээннии саҥа саппааһын кэҥэтиэхтэрэ, саҥарарга уһуйуохтара, оонньотуохтара. Маны тэҥэ, уһуйаан үөрэх управлениетын кытта оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго эбээн тылын, култууратын дириҥник үөрэтэр босуобуйаны оҥорон таһаарарга этии киллэрдилэр.

Бу маннык бэлиэ түгэҥҥэ Арктиканы сайыннарыы, хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Михаил Погодаев, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай Константин Роббек, РФ норуоттарын төрөөбүт тылларын федеральнай институтун салайааччытын э.т. Наталья Ситникова, уопсастыбанньыктар, уо.д.а. кытыннылар.

Кырачааннар бары эбээннии таҥнан-симэнэн тахсан үҥкүүлээбиттэрэ, төрөөбүт тылларынан чуопчааран хоһоон аахпыттара, ыллаабыттара көрүөххэ  олус үчүгэй. 

Хаартыска: Дьокуускай дьаһалтатын үөрэххэ управлениета.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: