Дьокуускайга Бастакы куурус устудьуонун күнэ бэлиэтэниэ

Share

Сыллата ыытыллар «Вливайся!» бүтүн университеттар холбоһуктаах бэстибээлэ балаҕан ыйын 10 күнүгэр киин куоракка «Юность» стадиоҥҥа Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Бастакы куурус устудьуонун күнүн чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспатыгар биллэрдилэр.

Бастакы куурус устудьуонун күнүгэр араас устудьуоннар бөлөхтөрүн кытта билсиһии, айай куруһуоктар уонна успуорт сиэксийэлэрэ буолуоҕа. Анал сиринэн дисциплинарнай дьоҕуру сайыннарыы таһымын быһаарыы тэрээһинэ буолара күүтүллэр.

«Сыл ахсын бэстибээл үс тыһыынча кэриҥэ устудьуону хабар. Бастакы куурус устудьуонун күнэ устудьуоннары кытта билсэргэ, интэриэһинэй тэрээһиннэргэ, куруһуоктарга эбэтэр сиэксийэлэргэ сурутарга кыах биэрэр. Быйылгы бэстибээлгэ 11 бөдөҥ устудьуоннар тэрилтэлэрин билиһиннэриэхтэрэ, 11 айар куруһуоктар уонна 24 успуорт көрүҥнэригэр сиэксийэлэр көрүлүннүлэр. ХИФУ дьоҕуру сыаналыыр уонна сайыннарар киинэ устудьуоннарга кэтээн көрүү өҥөтүн ыытыаҕа», – диэн устудьуоннар тэрилтэлэрин кытта үлэлиир отдел начаалынньыга Анна Осипова иһитиннэрдэ.

Быйыл университет икки улахан тэрээһини ыытар Бастакы куурус устудьуонун күнүн  уонна «Вливайся!» бэстибээли. Устудьуоннар дьаарбаҥкаларын таһынан, фотозоналар, быыстапкалар, сынньалаҥ зоналара уонна фудкорт тэриллиэхтэрэ. Ону сэргэ ыҥырыылаах артыыстары кытта култуурунай бырагыраама уонна университет айар куруһуоктара буолара  былааннанар.  Тэрээһин балаҕан ыйын 10 күнүгэр «Юность» стадиоҥҥа күнүс 15.00 чаастан буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

5 часов ago