Салгыы
Киин куоракка бастакы кылааска оҕолору сурутуу салҕанар

Киин куоракка бастакы кылааска оҕолору сурутуу салҕанар

Ааптар:
12.08.2024, 11:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Киин куорат оскуолаларыгар бастакы кылааска төрөппүттэртэн уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэртэн сайабылыанньалары ылыы салҕанар.

Билигин балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри бастакы кылаастарга киирэргэ сайабылыанньаны ылыы иккис түһүмэҕэ барар. Бу туһунан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Кэтээн көрүү дааннайынан, бастакы кылааска 5 783 миэстэ былааннаммытыгар 5 034 оҕо киирбит, 202 сайабылыанньа киирбититтэн докумуона бэрэбиэркэлэнэр, өссө эбии 551 миэстэ аһаҕас турар. Бастакы түһүмэххэ маҥнайгы кылааска 4 398 оҕо ылыллыбыт.

Коррекционнай оскуолаларга сайабылыанньалары психолого-медико-психологическай хамыыһыйа (ПМПК) сүбэлэринэн  ылаллар. Быйыл коррекционнай оскуолаларга 10 бастакы кылаастара аһыллар, манна 115 миэстэлээх. Маны таһынан, коррекционнай кылаастар  26 №- дээх орто анал оскуола, 30 №- дээх орто оскуола уонна 1 №- дээх Марха оскуолатын иһинэн аһылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: