Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Share

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн саҕалаан ыытыллар уонна сэтинньи ый 13 күнүгэр — Аан дойдутааҕы көрбөттөр күннэригэр түмүктэнэр. Ол иитинэн быйыл Дьокуускайга СӨ И.Н.Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ бастакы тифло-бэстибээли ыытта.

Биир ый устата мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьоҥҥо аналлаах сэминээрдэр, быыстапкалар, «төгүрүк остуоллар», күрэстэр, кинилэр кыһалҕаларын киэҥ араҥаҕа тарҕатар, болҕомтону тардар тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ону таһынан, Брайль ньыматынан ааҕыы уонна суруйуу күрэҕин үгэс быһыытынан ааста. Көмпүүтэри тоҕоостоохтук, туһалаахтык туһаныы, куйаар ситимин тула билиини тургутар квест-оонньуу быйыл үбүлүөйдээх сылын – бэһис төгүлүн ыытылынна. Дьоһун-мааны Дьоллоох Дьокуускай куораппыт олохтоохторо көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ ханан турарын, муммут киһиэхэ суолун ыйан биэрэллэрин-суоҕун социальнай роликпытыгар көрүөххэ сөп.

Биир саамай чаҕылхай тэрээһининэн сыллата ыытыллар «Егоровскай ааҕыылар» күрэс буолла. Уратыта диэн – быйылгы күрэһи «Культура. РФ» портал иһинэн «Культурнай стриминг» диэн онлайн-платформаҕа тутатына көрүөххэ сөбө. Бу тэрээһин уһулуччулаах поэт, учуутал, сахалыы Брайль алпаабытын айбыт, Саха Островскайа диэн киэн тутта ааттыыр киһибит Иван Николаевич Егоров-Иван Горнай үтүө аатын, олоҕун, үлэтин үйэтитэр сыаллаах. Быйылгы күрэс Саха сиригэр оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылларыгар ананна. Үс түһүмэҕинэн ыытылынна: «Мин дьиэ кэргэним» диэн бэйэни билиһиннэрии, «Мындыр поэт санаалара» –  Иван Горнай хоһооннорун хомоҕойдук, иэйэн туран ааҕыы, «Поэт олоҕун, айар үлэтин ыллыгынан» диэн блиц-викторинаҕа түргэн, тутатына хоруйдар. Күрэһи СӨ И.Н.Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Айталина КОРНИЛОВА, Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Наталия ПРОКОПЬЕВА уонна суруйааччы, «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН сыаналаатылар. Дьүүллүүр сүбэ Степановтар дьиэ кэргэн тэрээһиҥҥэ хайдах курдук бэлэмнэммиттэрин биһирээтэ. Ол курдук, ыал аҕа баһылыга Пантелеймон Иннокентьевич кыыһынаан Лада Пантелеймоновналыын уонна сиэн кыыһынаан Саниталыын иэйэр дьоҕурдарын, имигэс өйдөрүн, киэҥ билиилэрин-көрүүлэрин барытын түмэн, кырдьык да, сөхтөрүөхтэрин-сөхтөрдүлэр. Эчи хамсаналлара имигэһин, хоһоону дорҕоонноохтук, доргуччу, ис хоһоонун ылынан, тиэрдэр кыахтарын! Ол да иһин, Иван Горнай дьиэ кэргэнин анал бирииһин ыллылар. Кыттыбыт дьон бары даҕаны чаҕылхайдар. Хотторбут диэн суох – бары кыайыылаахтар! Ханнык ыал хайдах анал ааттары ылбытын сиһилии бибилэтиэкэ сайтыгар көрүөххүтүн, ааҕыаххытын сөп.

Ону таһынан, бастакы тифло-бэстибээл буоларын быһыытынан, саҥа бырайыак тыын ылан, олоҕун саҕалаата. Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьон туһугар үтүөнү, үйэлээҕи оҥорбут, үлэлэригэр бэриниилээх, сырдык санаалаах, бибилэтиэкэ убаастыыр, ытыктыыр бэтэрээннэрин, ахтар-саныыр, эрэллээх ааҕааччыларын, тифлотүмсүү чаҕылхай, актыыбынай дьонун кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр «Кэм ситимэ» диэн биэрии күн сирин көрдө. Араас сыллар тухары араас дьон үлэлээн-хамсаан, айан тутан аастаҕа… Урукку-билиҥҥи, ааспыт-кэлэр кэм ситимэ… Инникилээх бырайыак бастакы ыалдьытынан Көрбөт дьон бибилэтиэкэтигэр олоҕун 40 сылын анаан туран, талбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбит Анна РОМАНОВА буолла.

Бастакы тифло-бэстибээл былаан быһыытынан, санаа хоту ааста. Ааҕааччыларбыт, кинилэр чугас дьоно бу ыйы киэргэттилэр. Оттон кинилэр туһугар СӨ И.Н.Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтин туруу үлэһиттэрэ күннэтэ үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Инникитин даҕаны амарах санааны тарҕатааччыларга, кэрэни кэрэхсиир дьоҥҥо ситиһиилэри баҕара хаалыаҕыҥ!

АННА-МАРИ, СӨ И.Н.Егоров-Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

5 часов ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

5 часов ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр турист кэлиитэ от ыйыгар элбиир эбит

Быйыл үһүс сылын ыытыллар Сыыппара пуорумун биир сүрүн сиэссийэтигэр өрөспүүблүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туризм оруолун туһунан…

5 часов ago