Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна.
Тэрээһин “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар. Быыстапкаҕа 21 маастар-ювелир кыттыыта уонна 74 саҥа оҥоһуктары киэҥ араҥа дьүүлүгэр таһаарыы — хас биирдии оҥоһукка маастар айар дьоҕурун, кыаҕын, мындыр толкуйун билиһиннэрии. Ол курдук, хас биирдии оҥоһук киэргэтии эрэ буолбакка, маастар буочарын ураты көрүүтүн көрдөрөр дьиҥнээх уус-уран айымньы буолар.
Быыстапка киэргэл саҥа сүүрээннэрин кытта билсэргэ, ону тэҥэ үрдүк таһымнаах маастардар уус-уран оҥоһуктарын сэҥээрээччилэргэ бэртээхэй кыаҕы биэрэр.
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээл чэрчитинэн аһыллыбыт быыстапка б.дь. ахсынньы 29 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: