Дьокуускайга бөх полигонун тутуу 99 % бэлэм
10.10.2023, 15:00
Хаартыска СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга бөҕү харайар полигону тутуу бастакы түһүмэҕэ 99 % бэлэм буолла.
Бу туһунан СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кытаанах хомунаалынай тобоҕу харайыыга эрэгийиэннээҕи бырайыагынан Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар бөҕү харайар полигон тутуллар. Эбийиэк кыамтата бырайыак быһыытынан сылга 132 тыһ. туонна бөҕү харайыахтаах диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Оттон полигону икки түһүмэҕинэн тутан үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Билиҥҥи туругунан, бастакы түһүмэх түмүктэнэн эрэр, 99 % бэлэм. Ол кэнниттэн наадалаах докумуоннарын оҥорууга үлэ ыытыллыахтаах. Маны тэҥинэн, бөҕү наардыыр ыстаансыйа тутуллар. Бу ыстаансыйаны 2024 сыл бүтүүтүгэр тутан бүтэрэр былааннаахтар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: