Дьокуускайга бэтэринээр үлэһитин искибиэрэ баар буолла

Share

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университетын бэтэринээрийэ мэдиссиинэтин факультетын территориятыгар  үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Саха сирин бэтэринээр үлэһиттэригэр саҥа искибиэр баар буолла.

Саха сирин бэтэринээрийэтин управлениетын салайааччыта Игнатий Колодезников бэлиэтээбитинэн, саҥа искибиэр Саха сирин бэтэринээр үлэһиттэрин үптэригэр тутуллан, бүтүн өрөспүүбүлүкэ  көлүөнэтин бэтэринээрийэ сулууспатын үлэһиттэригэр ананар.

Уопсастыбаннай искибиэри тэрийии СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччыта Петр Петров, АГАТУ ректора Валерий Федоров уонна Саха сирин бэтэринээр исписэлиистэрин ассоциациятынан ситиһилиннэ.

Исикибиэр миэстэтэ мээнэҕэ буолбатах, ол курдук Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай үнүбэрситиэт иһигэр саҥа бэтэринээрийэ исписэлиистэрин кааадырын бэлэмнээһинэ ыытыллар.

АГАТУ бастакы дириэктэрэ Аяна Нюкканова этэринэн, бэтэринээринээрдэгэ ураты болҕомто ууруллара уонна бу идэҕэ үөрэнэр оҕолор оруоллара сүҥкэн суолталаах.  Саха сиригэр бэтэринээрийэ департаменын иһинэн 29 биэдэмистибэннэй тэрилтэ баар, манна уопсайа 1736  исписэлиис үлэлиир. Сулууспа тэрилтэлэрин састаабыгар уонна бэтэринээрийэ тэрилтэлэрин салааларынан 27 лабораториялаах, ол иһигэр Арассыыйатааҕы аккредитацияны  3 тэрилтэ ааспыт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, 2022 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бэтэринээрийэ сулууспатын  2030 сылга диэри сайыннарыы стратегията оҥоһуллубута уонна ылыллыбыта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

26 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

13 часов ago