Дьокуускайга биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар спортивнай эбийиэктэргэ босхо сылдьыахтарын сөп
СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтин биэдэмистибэлээх тэрилтэлэригэр сүрүн спортивнай-чэбдигирдэр өҥөлөргө чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Дьокуускай куорат спортивнай эбийиэктэригэр биэс уонна биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар босхо сылдьыахтарын сөп.
«Үс-түөрт оҕолоох ыалларга 50 %-наах чэпчэтии көрүллэр. Оттон биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар, тулаайах оҕолор, оҕо дьиэтин уонна интэринээт-оскуолалар иитиллээччилэрэ, итиэннэ төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор босхо сылдьыахтарын сөп», — диэн успуорт министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Өҥөнү туһанар туһуттан дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка уонна дастабырыанньа ирдэнэр. Тулаайах оҕолор статустарын бигэргэтэр докумуоннаах, 19-23 саастаах ыччат үөрэнэллэрин туоһулуур эбэтэр студенческай билиэттээх буолуохтаахтар.
Санатан суруйдахха, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: