Дьокуускайга «Билии. Бастакылар» сырдатар марафон ыытыллар
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр Дьокуускай куоракка федеральнай уокуруктарга аан бастакытын тэҥинэн барар «Билии. Бастакылар» сырдатар марафон ыытыллар.
“РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Уһук Илин уокурук сайдыытын XXI үйэ инники күөҥҥэ тутуллар соругунан биллэрбитэ. Биһиги сорукпут – Уһук Илин уокурук уонна Арассыыйа күүһүрүүлэрэ. Ханнык баҕарар сир сайдарыгар сүрүн күүһүнэн ыччат буолар. Уһук Илиҥҥэ көхтөөх гражданскай көрүүлээх айар дьон ирдэнэр. Бу марафон кинилэр инникилэрин түстээн, үүнэллэригэр-сайдалларыгар айар кыахтарын көҕүлүөҕэ”, – диэн РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев марафон туһунан этэр.
Арассыыйатааҕы “Билии” уопсастыба «Билии. Бастакылар» (Знание.Первые) сырдатар марафона идэлэрин олоххо киллэрэллэригэр саҥа суолу көрдүүр ыччаты – улаатан эрэр оскуола үөрэнээччититтэн эдэр исписэлиистэргэ тиийэ бэлиитикэ, экэниэмикэ, бырамыысыланнас, култуура, билим салайааччыларын биир былаһааккаҕа түмэр. Марафоҥҥа кыттаары номнуо икки тыһыынчаттан тахса киһи бэлиэтэниини ааста.
“Бу марафон эдэр дьон сайдалларыгар, инникитин идэлээх быһыытынан үүнэллэригэр, кэпсэтэллэригэр, саҥа билиини, уопуту ылыналларыгар кыаҕы биэрэр былаһаакканан буоларыгар эрэнэбин”, – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков тэрээһин аһыллыытыгар бэлиэтээтэ.
Марафон бырагырааматыгар лиэксийэлэр, “хаалтыһа суох” көрсүһүүлэр былааннаналлар. Өрөспүүбүлүкэ ыччатын кытта аһаҕас кэпсэтиигэ РФ лүөччүк-космонава, Арассыыйа Дьоруойа, көҕүлүүр спикер Сергей Рязанскай, генерал-лейтенант, “Восток” бөлөҕүн хамаандалааччытын солбуйааччы Роман Греков, “БАРС-2” штурмовой батальонун баҕа өртүнэн “Боотур-1” этэрээтин хамандыыра, Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов о.д.а. спикердэр кытталлар.
Марафон бастакы лекторынан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина буолла.
Санатан эттэххэ, федеральнай бастакы сырдатар марафон 2021 сыллаахха ыам ыйыгар ыытыллыбыта. Бу кэм устата 7 марафон буолла, манна 80 тыһ. тахса киһи, 700 биллэр-көстөр спикер кытынна, биэриилэри 900 мөл. тахса киһи көрдө. Марафоҥҥа Арассыыйа саҥа эрэгийиэнин олохтоохторо эмиэ тиһигин быспакка кытталлар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: