Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна култуура эйгэтигэр РФ Бырабыыталыстыбатын бириэмийэтин лауреата, «Култуура» ханаалга «Полиглот» интеллектуальнай реалити-шоу ааптара уонна ыытааччыта.
Бэйэтэ айбыт омук тылын түргэнник үөрэтэр ньыматынан лингвист 30-тан тахса тылы билэр. Билигин Дмитрий Петров үөрэтэр ньымата омук тылын түргэнник үөрэтэргэ биир саамай көдьүүстээх ньыма быһыытынан билиниллэр.
Бүгүн Дьокуускайга Национальнай бибилэтиэкэҕэ дьону-сэргэни кытта көрсүһүүтүттэн кылгастык билиһиннэрэбит.
Полиглот тылы билэр киһини көмөлөһүннэрэн, саха тылын олох билбэт дьону түргэнник үөрэтэр кууруһу оҥорор былааннаах. Түүр тылыттан татаар уонна казах тылларыгар маннык куурустары оҥорбут уопуттаах эбит. Онно хас биирдиилэригэр 2-лии ыйы атаарбыт. Бу икки ый иһигэр саҥара эрэ үөрэммэтэх, методикатын таһынан, дьону үөрэтэр гына оҥорбут. Кэпсэтэргэ өссө түргэнник үөрэниэххэ сөп диир.
Саха тылыгар бу айбыт куурустарыгар майгынныыр кууруһу оҥорор былааннаах. Оччотугар олох билбэт дьон билэр буолуохтара, иккиһинэн саха тылын саха култууратын кытта тэҥҥэ тутан киэҥ эйгэҕэ таһаарар кыах үөскүүр.
Дмитрий Юрьевич уопутун кистээбэт, мин бастатан туран туохтуур тутулун үөрэтэбин диир. Тоҕо диэтэххэ, туохтуур аҕыйах. Ол кэнниттэн этии бэрээдэгин үөрэтэр. Ол эбэтэр комбинаторика ньыматын туһанар, тыллартан этиини бэрээдэктээн таһаарар.
Оҕо элбэх тылы булкуйа саҥарарыттан куттанымаҥ диэн бэйэтин уопутуттан кэпсиир. Кини улахан уола хинди, нуучча, английскай тыл булкуйа саҥаран улааппыт, ол эрээри кэлин барытын сааһылаабыт. Билигин синхронист-тылбаасчытынан үлэлиир. Элбэх тыллаах буолуу үчүгэйтэн атыны аҕалыа суоҕа диир. Хайа эрэ кэмҥэ хайа эрэ тыл баһыйар эбит. Билигин аан дойду нэһилиэнньэтин 58 бырыһыана икки тыллаах, 15 бырыһыана үс тыллаах диэн этэр полиглот.
“Тылы үөрэтии, мультилингвизм, култуурунай көстүү, өбүгэ тылыгар ытыктабыл, кэпсэтии эрэ буолбатах, бу өссө доруобуйаҕа олус туһалаах, — диир Дмитрий Юрьевич. – Мэдиссинискэй чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, элбэх тыллаах дьон иммунитеттара хас да төгүл күүстээх. Бу медицинскэй чахчы”.
Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…
Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…
Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…
“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024…