Киин куоракка буойун-суруналыыстары кэриэстээтилэр
Ыам ыйын 8 күнүгэр, Кыайыы 79 сылын көрсө, Саха сирин суруналыыстара Дьокуускайга Бэчээт дьиэтин таһыгар, буойун-суруналыыстар ааттара көмүс буукубанан суруллубут мемориальнай дуоскаларын аттыгар кинилэри ахтан-санаан, кэриэстээтилэр.Тэрээһиҥҥэ суруналыыстыка бэтэрээннэрэ кытыннылар.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 139 суруналыыс бөрүөнү ыстыыгынан солбуйан, биир бастакынан Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыттара. Кинилэртэн 18 хорсун буойун кыргыһыы толоонуттан эргиллибэтэҕэ. Бу суруналыыстар истэригэр 1 Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, 1 Социалистическай Үлэ Дьоруойа, 3 норуодунай суруйааччы, 2 бэрэпиэссэр бааллара.
«Эдэр көлүөнэ суруналыыстара биир идэлээхтэрин үтүө үгэстэрин умнуо суохтаахтар, кинилэр ааттарын үйэтитиэхтээхтэр, өйдүөх тустаахтар. Суруналыыстар үгэскэ кубулуйбут тэрээһини тутуһуохтара уонна сыл ахсын манна мустуохтара диэн эрэнэбин» , — диэтэ Саха сирин суруналыыстарын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Ил Түмэн» парламент хаһыат шеф-эрэдээктэрэ Галина Бочкарева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: