«Азия оҕолоро»: «Green Apelsin» кэнсиэрэ

Share

Бэс ыйын 27 күнүгэр киин куоракка «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар култуурунай бырагырааматын чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Дьокуускай куорат култуура уонна сынньалаҥ пааркатын  аһыллыыта, кинигэ дьаарбаҥката, оҕо-ыччат айымньытын бэстибээлэ уонна араас хабааннаах кэнсиэртэр ыытыллыахтара.

  • 11.00-12.00  -«Книжный ветер» норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ быыстапкатын аһыллыыта — Орджоникидзе болуоссата;
  • 12.00-19.00  — «Книжный ветер» норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ дьаарбаҥката —  Орджоникидзе болуоссата;
  • 14.00-14.30 — Киин куорат култуура уонна сынньалаҥ пааркатын аһыллыыта  —  Комсомоллар болуоссата
  • 12.00-14.00-«Чыпчаал: путь к вершине» оҕо-ыччат айымньытын бэстибээлэ — Орджоникидзе болуоссата;
  • 16.00-17.00-«Дьокуускай ыалдьыттарын көрсөр» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр — Орджоникидзе болуоссата;
  • 17.00-20.00-«Земля Олонхо/ Олонхо дойдутун түһүлгэтэ» кэнсиэр  — Орджоникидзе болуоссата;
  • 16.00-17.00 -Г.М. Кривошапко аатынан судаарыстыбаннай филармония кэнсиэрэ — Доҕордоһуу болуоссата;
  • 18.00-19.00 —  «Виртуозы Якутии» скрипачтар судаарыстыбаннай ансаамбылын кэнсиэрэ  — Комсомоллар болуоссата;
  • 19.00-21.00 — спорстменнары наҕараадалааһын — Комсомоллар болуоссата;
  • 21.00 —  «Green Apelsin» кэнсиэрэ — Комсомоллар болуоссата.

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара Дьокуускайга бу сыл бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Азия оҕолоро»  оонньуулары оҕо-ыччат успуордун эйгэтигэр биир саамай интэриэһинэй уонна ситиһиилээх бырайыагынан ааттаабыта.

Ил Дархан  Айсен Николаев «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара бу сылга аан дойду үрдүнэн оҕолорго биир улахан күрэхтэһиилэр буолуохтарын уонна саамай үрдүк таһымҥа ыытыллалларын бэлиэтээбитэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

35 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин оскуолаларын төрөппүттэрин кэмитиэтин түөрт бырайыага бириэмийэҕэ тигистэ

Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…

2 часа ago