Дьокуускайга быйылгыттан салгын сыттыктаах суудуналарын тиксэр миэстэтэ көһөрүллүө

Share

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын миниистирэ Владимир Сивцев Дьокуускай куоракка баар «Намыв» ыстаансыйаҕа салгын сыттыктаах суудуналарын тиксэр миэстэлэрин тэрийии боппуроустарыгар көһө сылдьар мунньаҕы ыытта.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр

Мунньахха Уопсастыбаннай балаата бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев кытынна.
Сыл аайы кэм уларыйарыгар Тырааныспар министиэристибэтэ Өлүөнэ өрүһүнэн дьону уонна таһаҕаһы уу тырааныспарын таһыыны тэрийэр. Дьокуускай куоракка суудуналар 202 уонна 203 микроройуоннарга анныларынан даамбаҕа тохтууллар.

Бу микрооройуон олохтоохторо хаста даҕаны тиэхиньикэ аһара улахан тыасттаҕын уонна итиннэ суудуна тохтуура табыгаһа суоҕун туһунан үҥсүү суруйан тураллар. Ол иһин аны күһүҥҥүттэн салгын сыттыктаах салгын суудуналара тохтуур сирдэрин уларытарга быһаарбыттара.

«Биһиги уопсастыбанньыктарбыт суудуналар сырыыларын бэрээдэктиир туһунан боппуруоһу туруорбуттара, бырабыыталыстыба ону быһаарар, – диэтэ Николай Бугаев. – Манна олохтоохтор уонна 20 сылы быһа биир кытылтан атын кытылга диэри дьону таспыт дьоҕус биизинэс интэриэстэрин эмиэ учуоттуохха наада. Тохтобул миэстэтин уларытыы бу боппуруоһу барытын быһаарыа этэ».

Миниистир Владимир Сивцев эппитинэн, өссө икки сыл анараа өттүгэр уу салгынан суудунатын тохтобулун Дьокуускай куорат 204 микрооройуонун кытылыгар көһөрөргө быһаарыллыбыт.

«Бүгүн «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа уонна «Ленатурфлот» тэрилтэ партнердаһыы чэрчитинэн, салгын сыттыктаах суудуналарын тохтобулун санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттиир «Намыв» ыстаансыйа тутуутун ыыталлар. Сирин көннөрөр, дэхсилиир уонна талахтары быһаттыыр үлэлэр баран тураллар», — диэтэ Владимир Сивцев.

Онон, аны күһүҥҥүттэн, салгын сыттыктаах суудуналара, быстах кэмнээх схеманан «Намыв» ыстаансыйаттан сылдьыахтара. Суудуналар 202, 203 түөлбэлэргэ киирэллэрэ бобуллуо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago