Салгыы
Дьокуускайга «Чолбон Өй» улахан оонньуута буолла

Дьокуускайга «Чолбон Өй» улахан оонньуута буолла

17.12.2024, 16:00
Хаартыска: "Чолбон" сурунаал.
Бөлөххө киир:

Саха литературатын быстыспат аргыһа «Чолбон» сурунаал «Чолбон Өй күрэһэ» улахан оонньууну быйыл иккис төгүлүн тэрийэн ыытар.  Ахсынньы 11 күнүгэр  «Смарт» бибилэтиэкэҕэ Дьокуускай куорат ааҕар дьиэ кэргэттэрэ күөн көрүстүлэр.

Хаартыска: "Чолбон" сурунаал.

Быйылгы оонньуу Дьиэ кэргэн, Оҕо аймах сылларыгар анаммыт. Барыта 6 дьиэ кэргэн кытынна. Оонньуу үс түһүмэхтээх: «Саха литературатын төрүттээччилэр», «Репрессияламмыт суруйааччылар», «Аныгы суруйааччылар». Ыйытыылара уустуктар.

Эрийсиилээх киирсии кэнниттэн, Кармановтар дьиэ кэргэттэрэ кыайдылар. Ийэлэрэ Саргылаана Еремеевна икки оҕотун илдьэ кэлбит. Иккис миэстэҕэ Садовниковтар таҕыстылар. Бааллара тэҥнэһэн баран, түмүк түһүмэххэ эрбии биитинии эрийистилэр. Садовниковтар ийэлэрэ эмиэ икки уолун илдьэ кэлбит, уолаттар сахалыы таҥастаахтар. Үһүс миэстэҕэ Кузьминнар таҕыстылар. Ийэлэрэ уолун уонна күтүөтүн кытта кэлбит. Уолаттар ааҕалларын уонна саха литературатын, суруйааччылары билэллэрин көрдөрдүлэр.

Хаартыска: "Чолбон" сурунаал.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, дьиэ кэргэттэр эбэлэрин, оҕолорун илдьэ кэлбиттэр. Бу көлүөнэлэр утумнаһыыларын көрдөрөр. Оонньуу кэнниттэн кыттааччылар санааларын үллэһиннилэр.

Кыайбыт хамаанда салгыы тохсунньуга финал аҥаарыгар киирсиэҕэ. Онно кыайдахтарына, саха тэлэбиидэнньэтигэр буолар финалга өркөн өйдөөхтөр күөн көрсөллөр. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: