Дьокуускайга дьахталлар эр дьону быһахтааһыҥҥа уорбаланаллар
️Ааспыт сууккаҕа Саха сирин үрдүнэн түөрт буруйу кэһии буолбутун туһунан СӨ Дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Дьокуускайга Красильников уулуссатыгар баар дьиэттэн быһаҕынан анньыллыбыт эр киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр. Маныаха 1985 с.т. дьахтар уорбаланара биллибит. Итиэннэ Кулаковскай уулуссатыгар баар дьиэттэн эмиэ быһаҕынан анньыллыбыт эр киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр. Буруйу оҥорууга 1973 с.т. дьахтар уорбаланарын баһаарбыттар. 1992 с.т. эр киһи доруобуйатын улаханнык эчэппиттэр, 2007 с.т. уол уорбаланар.
Суукка иһигэр алта техногеннай баһаар буолбут, өлбүттэр уонна эчэйбиттэр суохтар.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбатах. Алдан куоракка «Мазда Бонго» уонна «Митсубиси Паджеро» мааркалаах массыыналар харсыспыттар. Ол түмүгэр икки пассажир балыыһа киллэриллибиттэр.
Суукка иһигэр 21 итирик туруктаах суоппар тутуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: