Дьокуускайга дьэдьэн барыанньата төһөнүй?

Share

Саха сирин олохтоохторо үгэс быһыытынан күргүөмүнэн тыаҕа айылҕа бэлэхтэрин хомуйа таҕыстылар.

Быйыл хаһааҥҥытааҕар да биэдэрэ муҥунан хомуйбут сир аһын хаартыскалара социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна. Манна ордук олохтоохтор дьэдьэн ханна үүммүтүн, төһө элбэх хомуллубутун туһунан үөрэ-көтө үллэстэллэр. Итинэн сиэттэрэн, СИА кэрэспэдьиэнэ куйаар ситимигэр дьэдьэн, атын да сир аһын барыанньата сибиэһэйдии ханна, хаһан, хас суумаҕа атыыланарын чинчийдэ.

Биллэриилэри сыныйан көрдөххө, ордук Амма, Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарынан  Сахабыт сирин олохтоохторо сөбүлээн сиир дьэдьэн барыанньатын сибиэһэйдии, тоҥоруллубуту эбэтэр саахары кытта ньыһыйыллыбыты хамаҕатык атыылыылларын туһунан суруйаллар. Социальнай ситимнэринэн үксүн 500 мл бааҥкаларга эбэтэр пластик контейнердарга кутан, 2000-2500 солк. диэри суумаҕа батараллар. Биир саамай 370 мл кыра бааҥката 1665 солк. турар.

Ону таһынан сорохтор барыанньаны пластик бытыылкаларга кутан атыылыыллар:

  • 900 мл – 2000-тан 4000 солк. диэри,
  • 1 л —  3500-тэн 5000 солк. диэри,
  • 1,5 л- 6000 солк.,
  • 2 л- 9000 солк.

Хаптаҕас эмиэ сыаналаах —  5 л – 1700-тэн- 2500 солк. диэри, 10 л – 2800-3200 солк.  Оттон бөллөхүнэ барыанньатын 500 мл эбэтэр  2 л пластик иһиттэргэ кутан,  лиитэрэтин 2000 солк. атыылыыллар

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Тооку» оҕо ханаала саҥа ойуулук трейлерын билиһиннэрдэ

Төрдүс сылын анимация уонна дубляж устуудьуйалара үлэлиир «Тооку» оҕо телеханаала «Тооку уонна Чысхаан» диэн саҥа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн орто хамнаһы ааҕыы уларыйыаҕа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр уурааҕынан дойдуга орто хамнаһы быһаарар саҥа бэрээдэк үлэһиттэргэ хас…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойдуга сулууспа» аахсыйа: байыаннай дьайыы бэтэрээнэ оҕо лааҕырыгар лиэксийэ аахта

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Аҕа дойдуга сулууспа» сырдатар аахсыйатын чэрчитинэн, Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыбатын өйөбүлүнэн, Дьокуускай куорат «Арктика…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чокуурдаахха сыл бүтүөр диэри канализация уутун ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Аллайыаха оройуонун Чокуурдаах бөһүөлэгэр бу сыл бүтүөр диэри кирдээх ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар.…

11 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Александра Иванова: 25 сыл биир тэрилтэҕэ

Александра Иванова номнуо сүүрбэ биэс сыл устата сөбүлүүр дьыалатыгар – тапталлаах «Сэттис халлаан» кафеҕа дьону-сэргэни…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы буойуннарыгар анаан саалары туталлар

Бүгүн Саха сириттэн төрүттээх «Хаҥыл» позывнойдаах байыаннай сулууспалаах Саха сирин олохтоохторугар туһаайан,  байыаннай дьайыы буойуннарыгар…

12 часов ago