Дьокуускайга Дмитрий Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Тываттан 10 бөҕөс кыттыаҕа
Бу күннэргэ Дьокуускайга Тыва хамаандатын састаабыгар уон бөҕөс кэлэрэ күүтүллэр.
Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорка хамаандалары бэлэмниир киин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сүрүн тустууга турнирын көбүөрүгэр аан дойду күрэхтэһиитин первенствотын кыайыылааҕа, аан дойду күрэхтэһиитин первенствотын призера Сайын Казырык, аан дойду күрэхтэһиитин первенствотын призера Кежик Чымба, БРИКС оонньууларын призера Бады-Маадыр Самдан уо.д.а. тахсыахтара.
Тыва сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирдилэр — Кежик Седен, Аяндай Ондар, Амир Чамзын (57 кг), Альберт Тумат, Кудер Монгуш (61 кг), Эзир Тюлюш, Кирилл Хуужугур, Кежик Чымба (65 кг), Сайын Казырык (70 кг), Баяр-Сайхан Бады (86 кг), Бады Маадыр Самдан (97 кг).
Санатан эттэххэ, турнирга аан дойду уонтан тахса дойду спортсмена кыттыаҕа. Кыайыылаахтар 200-түү тыһыынча солкуобай харчынан бирииһи ылыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: