Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Пиэрибэй Маайга анаммыт тэрээһиннэри дьон сэргээтэ
01.05.2024, 18:43
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, ыам ыйын 1 күнүгэр, киин куоракка «Дорообо, Күөх Маай!» диэн бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх тэрээһиннэр буола тураллар.
Доҕордоһуу болуоссатыгар күнүс 13 чааска Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын иннигэр бу тыйаатыр солистарын, 15 чааска — Дьокуускайдааҕы Обургу оҕолор киинин иитиллээччилэрин кэнсиэрдэрэ буолбута. Бу чааска М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин үлэһиттэрэ ырыа-тойук түһүлгэтин тэрийдилэр.
Оонньуур былаһааккаҕа «Дорообо, Пиэрибэй маай!» диэн ыччаттарга аналлаах эстэпиэтэ буола турар.
Дьон-сэргэ Күөх Маайы уруйдуур-айхаллыыр бырааһынньыкка көхтөөхтүк кыттар.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: