Дьокуускайга дьон маассабайдык сынньанар сирин быһаардылар
Бу сирдэргэ хаһан баҕарар сылдьыахха сөп, ол эрээри кутаа уотун оттор көҥүллэммэт.
Дьокуускайга Кангаласс түөлбэтигэр уонна Хатас нэһилиэгэр баар сирдэргэ сынньаныахха сөбүн быһаардылар. Бу сирдэргэ хаһан баҕарар сылдьыахха сөп эрээри, кутаа оттор табыллыбат. Эти үөлэргэ (шашлык) анал миэстэлэр бааллар диэн уокуруктааҕы дьаһалта иһитиннэрэр.
Ол курдук, маннык сирдэргэ сынньаныахха сөп:
— Кангаласс түөлбэтигэр таас чоҕу тиэйэр биричээл кэннигэр (Өлүөнэ өрүс).
— Покровскайдыыр суол 20 км (Дьокуускай-Покровскай суолун уҥа өттө).
Сынньанааччылар мангалларын төгүрүччү баһаар барбатын туһугар кыратык хаһыахтаахтар уонна умулларар уулаах буолуохтаахтар. Эти ыһаарылыырга маһы буолбакка, чоҕу туһаныҥ диэн Дьокуускай дьаһалтата сэрэтэр.
Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэстэххэ административнай ыстараап олохтонор: гражданнарга — 5 тыһ. 15000 солк. диэри;
дуоһунастаах дьоҥҥо— 20-тэн 30 тыһ. солк. диэри;
юридическай сирэйдэргэ — 300-тэн 400 тыһ. солк. диэри.
Ойуурга уот турдаҕына тута баһаарынай охранаҕа 101, ЕДДС — 8 4112 44-45-64 эбэтэр быыһыыр сулууспаҕа -112 биллэриҥ диэн куорат дьаһалтата санатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: