Дьокуускайга Донбасска сырдык тыыннара быстыбыт оҕолору кэриэстээтилэр
Бүгүн, от ыйын 27 күнүгэр, оҕолору кэриэстиир тэрээһиннэр Донбасска эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа атын эрэгийиэннэригэр эмиэ ыытылыннылар.
Бүгүн Дьокуускай куоракка култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар аахсыйа-реквием буолла. Донбасс оҕолорун кэриэстиир тэрээһин кыттыылаахтара саҥата суох турдулар, баннерга сибэкки уонна чүмэчи уурдулар.
Манна Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи отделениетыттан, СӨ норуодунай дьокутааттара, куорат Дууматын дьокутааттара, Дьокуускай куорат дьаһалтатыттан, СӨ Уопсастыбаннай балаататыттан, ыччаттар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кытыннылар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3409364 ааҕыахха сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: