Дьокуускайга дуобат турнирыгар аан дойду 9 чөмпүйүөнэ кыттар
Ил Дархан Айсен Николаев нуучча дуобатын Куубагар 232 кэриҥэ спортсмен дойду 15 эрэгийиэниттэн кыттыыны ылар. Кинилэртэн 15 – норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстердар, оттон 9 – аан дойду чөмпүйүөннэрэ.
Турнир тус-туспа хайысхаларынан ыытыллар. Гранд-турнирга гроссмейстердар, успуорт маастардара уонна успуорт маастарыгар хандьыдааттар кытталлар. Опен-турнирга — 1 разрядтаах спортсменнар. Ону тэҥэ оҕолор турнирдара ыытыллаллар.
Гранд-турнир кыайыылааҕа 925 боруобаттан лавровай венок быһыылаах коронаны ылыаҕа. Ону таһынан, бириискэ мантияны, саха бриллианнаах мэтээли уонна харчынан бириэмийэни тутуоҕа.
Бэйэлэрин хайысхаларыгар 1-3 миэстэни ылбыт спортсменнар мэтээллэринэн, дипломнарынан уонна харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланыахтара.
Турнир уопсай бириистээх пуондата 1 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Тэрээһин Дьокуускайга Юрий Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба дыбарыаһыгар ыытыллар.
Эльдар Садовников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: