Салгыы
Дьокуускайга эдэр дьон сүүрэ тахсыбыт уолу кырбаабыттар

Дьокуускайга эдэр дьон сүүрэ тахсыбыт уолу кырбаабыттар

Ааптар:
06.08.2024, 14:40
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга эдэр дьон сарсыарда сүүрэ тахсыбыт уолга саба түспүттэр. Уорбаланааччылар кимнээх буолаллара быһаарыллынна. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Дьокуускайдааҕы 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар төрөппүттэн оҕотун кырбаабыттарын туһунан сайабылыанньа киирдэ. Оҕо сарсыарда эрдэ соҕотоҕун сүүрэ тахсыбыта быһаарылынна. Ол кэмҥэ кинини таһырдьа икки биллибэт киһи тохтоппут. Хара санаалаахтары кытта тыл тылга киирсэн иирсээн тахсыбыт. Уорбаланааччылар оҕону сирэйгэ охсубуттар уонна миэстэтиттэн куоппуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччылары туттулар. Кинилэр 19 уонна 23 саастаах эдэр дьон буолаллара билиннэ. «Күлүгээннээһин» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччылар 7 сылга диэри болдьоххо көҥүллэрэ быһыллыан сөп.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: