Дьокуускайга эһиил бөҕү араарар ыстаансыйа тутуллуо
Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы корпорацията уонна “Айылҕа” хампаанньа Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум дьыалабыай бырагырааматын чэрчитинэн Дьокуускайга бөҕү мунньар, тиэйэр, араарар ыстаансыйаны тутарга инвестиционнай бырайыакка илии баттастылар. Ыстаансыйа сылга 150 тыһыынча туонна кытаанах бөҕү араарар, талар кыахтаах.
Кистэл буолбатах, быраҕыллар бөх-сах сорҕото иккистээн туһаҕа тахсар кыахтаах (өстүөкүлэ бытыылкалар, пластик, кумааҕы, хортуон, о.д.а.). Бу сыллааҕы бөх тоҕуллар кээмэйин биллэ кыччатар, айылҕаны харыстыыр, экэниэмикэҕэ да туһалаах.
Тэрилтэ кытаанах бөҕү 100% суортарынан арааран, туһаҕа тахсарын талан ылар буолуоҕа. Бырайыакка кытаанах бөхтөн уматыгы оҥорон таһаарар кыах баара ыйыллар.
Бөҕү араарар, тиэйэр ыстаансыйа Саха сиригэр аан бастаан “Экология” национальнай бырайыак «Комплексная система обращения с твердыми коммунальными отходами» эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн, Бүлүүлүүр аартык 8-с килэмиэтиригэр тутуллуо.
— Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ стратегическай суолталаах. Ыстаансыйа көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хомуллар кытаанах бөх 50%-нын арааран, иккистээн туһаҕа таһаарыахпыт. 2030 сылга кытаанах бөх 100%-н наардыахпытын сөп, — диэн ОДьКХ, энэргиэтикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов этэр.
— Билигин бырайыактыыр-симиэтэлиир эспэртиисэҕэ докумуоннары бэлэмнээтибит. Ыстаансыйаны номнуо 2023 сыл 3-с кыбаарталыгар киллэрэри былаанныыбыт. Биһиги бырайыакпыт ирбэт тоҥҥо тутуллубут аан бастакы бөҕү араарар эбийиэк буолуоҕа.
Ону тэҥэ, бөхтөн иккистээн оҥорон таһаарыы экэниэмикэҕэ эмиэ туһалаах буолуоҕа. Социальнай эппиэтинэс үрдүөҕэ. Дьон малы биирдэ туһанаат, бөххө бырахпат курдук, харыстабыллаах өйгө-санааҕа кэлиэҕэ. 90 үлэ миэстэти таһааран, үлэлэтиэхпит, — диэн “Айылҕа” хампаанньа дириэктэрэ Владимир Сыромятников кэпсээтэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: