Дьокуускайга элбэх оҕолоох ыалларга баһаартан сэрэтэр тэриллэри туруораллар

Share

Дьокуускайга баһаартан сэрэтэр тэриллэри (АДПИ) Строительнай уокурук Дзержинскэй уулуссатыгар элбэх оҕолоох ыалларга туруортуу сылдьаллар.

Санатан эттэххэ, маннык тэриллэри бары уокуруктарга уонна куорат тас өттүгэр бэдэрээттээх тэрилтэни кытта дуогабардаһан туруортууллар. Строительнай уокуруг управатын салайар Андрей Петров иһитиннэрбитинэн, АДПИ туруортарарга управаларыгар эбэтэр управлениеҕа биллэриэхтэрин наада.

Дьокуускайга хонтуруоллуур уонна профилактическай үлэ инженерэ Вячеслав Попов кэпсээбитинэн, АДПИ баһаары саҥа саҕаланан, буруолаан эрдэҕинэ биллэрэр. Онон кини маннык тэрили туруортарар наадатын бэлиэтиир.

Дьокуускайга ГОЧС уонна ОБП управлениетын начаалынньыга Николай Егоров бу үлэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан ыытылларын, сыл бүтүөр диэри 1100 ыалга туруоруллуохтааҕын этэр.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата

Хаартыска: Дьокуускай куорат дьаһалтатын саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Былааһы кытта кэпсэтии» биэриигэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоруу дьаһалларын кэпсиэхтэрэ

Ахсынньы 13 күнүгэр күнүс 13 чаас 05 мүнүүтэҕэ «Былааһы кытта кэпсэтии» «Тэтим» НКИХ «Саха» FM…

2 часа ago