Салгыы
Дьокуускайга Өлүөхүмэ уонна Нам оройуоннарыгар халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар

Дьокуускайга Өлүөхүмэ уонна Нам оройуоннарыгар халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар

30.05.2024, 14:05
Бөлөххө киир:

Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Уопсастыбаннай өйөбүлгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи штабын базатыгар Курашов уулусса 24 дьиэтигэр, 405 хоско салҕанар.

“Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бары биир ыал курдук, халаантан эмсэҕэлээбит биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөр. Баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр, волонтердар, араас салаалар бэрэстэбиитэллэрэ билигин  хоромньуну көрсүбүт сэлиэнньэлэргэ бааллар уонна айылҕа содулун туоруурга көмөлөһөллөр, гуманитарнай көмөнү хомуйаллар. Бу үлэҕэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махтанабын. Бары бииргэ бу уустуктары туоруохпут диэн эрэнэбин, олох-дьаһах оннугар түһүөҕэ”, — диэбитэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев.

Санаттахха, муус устарга Штаб ууга барбыт Оренбург уобалаһын Орск куоратыгар 4,5 туонна гуманитарнай таһаҕаһы хомуйбута. Онно Саха сирэ Уһук Илин атын эрэгийиэннэрин иннилэринэ амыһал аахсыйатын саҕалаабыта. Ый буолан баран, өрөспүүбүлүкэбитигэр сааскы халаан алдьатыыны таһаарда – уу Нам оройуонун 12 нэһилиэнньэлээх пуунугар киирбитэ.  Ону тэҥэ Өлүөхүмэ оройуонун кэккэ сэлиэнньэлэригэр эмиэ халаан буолбута.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга дьоҥҥо көмөлөһөр суһал миэрэлэри ылыммыта. Кини сорудаҕынан, Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүр кээмэйин түөрт төгүл үрдэппиттэрэ, маннык индексация 2017 сылтан буола илигэ.

Бүгүн Штаб 13 туонна таһаҕаһы хомуйда, ол иһигэр өлүөхүмэлэргэ – 4,5 туоннаттан тахсаны уонна Нам оройуонун олохтоохторугар 8,7 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү. Үлэ салҕанар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: