Дьокуускайга Өлүөнэ күргэтин тутууга бастакы тимир конструкциялары аҕаллылар
Саха сиригэр Тюмень куораттан Өлүөнэ күргэтэ тутуллар сиригэр пилоннары тутууга туруоруллуохтаах коффердамнар бастакы тимир конструкциялара кэллилэр. Бу туһунан ВИС бөлөх иһитиннэрдэ.
Бу 1,6 м диаметрдаах уонна 17 м уһуннаах коффердам истиэнэлэрин элэмиэннэринэн туруоруллубут турбалар “Стальмост” собуотуттан массыына көлөнөн хас да түһүмэҕинэн тиэрдилиннилэр. Турбалары оҥорон таһаарыыга үлэ кыраапыга кытаанахтык тутуһулунна: билиҥҥи туругунан былааннаммыт 4521 туонна тимир конструкциялартан 1574-дэ оҥоһулунна, онтон 765 туонната ыытылынна. Тюменьтэн Дьокуускайга 6 тыһ. тахса км усталаах айаҥҥа 250-ча ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сылдьыаҕа.
Улахан тимир «буочукалар» кытылга туруоруллуохтара, онтон уу устун туруоруллар сирдэригэр диэри уунан тиэрдиллиэхтэрэ. Эрэгийиэн уустук климатическай уонна гидрологическай усулуобуйатын учуоттаан, тутуулары конструктордар көмүөл кэмин тулуйар уонна үлэни тэтимирдэр гына оҥорбуттар. Онон тутуу кэмэ түөрт ый эрэ иһигэр ыытыллар буолан, бириэмэ олус ыгыма эмиэ учуоттаммыт.
Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: