Дьокуускайга Өлүөнэ күргэтин тутууга бастакы тимир конструкциялары аҕаллылар

Share

Саха сиригэр Тюмень куораттан Өлүөнэ  күргэтэ тутуллар сиригэр пилоннары тутууга туруоруллуохтаах коффердамнар бастакы тимир конструкциялара кэллилэр. Бу туһунан ВИС бөлөх иһитиннэрдэ.

 Бу 1,6 м диаметрдаах уонна 17 м уһуннаах коффердам истиэнэлэрин элэмиэннэринэн туруоруллубут турбалар “Стальмост” собуотуттан массыына көлөнөн хас да түһүмэҕинэн тиэрдилиннилэр. Турбалары оҥорон таһаарыыга үлэ кыраапыга кытаанахтык тутуһулунна: билиҥҥи туругунан былааннаммыт 4521 туонна тимир конструкциялартан 1574-дэ оҥоһулунна, онтон 765 туонната ыытылынна. Тюменьтэн Дьокуускайга 6 тыһ. тахса км усталаах айаҥҥа 250-ча ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сылдьыаҕа.

Улахан тимир «буочукалар» кытылга туруоруллуохтара, онтон уу устун туруоруллар сирдэригэр диэри уунан тиэрдиллиэхтэрэ. Эрэгийиэн уустук климатическай уонна гидрологическай усулуобуйатын учуоттаан, тутуулары конструктордар көмүөл кэмин  тулуйар уонна үлэни тэтимирдэр гына оҥорбуттар. Онон тутуу кэмэ түөрт ый эрэ иһигэр ыытыллар буолан, бириэмэ олус ыгыма эмиэ учуоттаммыт.

Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммит күнэ

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…

16 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан муҥхалаатылар

Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Омуктуу тылынан суруйууну боптохторуна…

Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…

47 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Киин куоракка эр киһи өлүгэ булулунна

Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Тохсунньу дьиктилэрэ

Кириһиэнньэ кэмигэр, тохсунньу 18-19 күннэригэр, таҥара дьиэтигэр иһиттээх тиийэн сибэтиэй ууну  ылыы, чардаат алларан ууга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Юрий Трутнев тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар кытынна

Москваҕа РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы - РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук…

2 часа ago